21 Сэтинньи 21.11
  • -31°
  • $ 100,22
  • 105,81

Бүлүү улууһугар ынах сүөһүнү уонна сылгыны маркировкалааһын үлэтэ салгыы ыытыллар

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

2022 сыл бэс ыйын 28 күнүгэр ылыллыбыт 221 нүөмэрдээх Федеральнай Сокуоҥҥа олоҕуран, 2024 сыл кулун тутар 1 күнүттэн ынах сүөһүнү, сылгыны, көтөрү маркировкалааһын, учуокка туруоруу булгуччулаах буолла. Ол аата, ынах сүөһү, сылгы, дьиэ кыыла барыта хаһаайыстыба көрүҥүттэн тутулуга суох маркировкаланар буолуоҕа. Маркировка үлэтин ыытыы күнэ-дьыла Российскай Федерация Бырабыыталыстыбатын 550 нүөмэрдээх Уурааҕар олоҕуран ыйылла сылдьар. Ол курдук, ынах сүөһү, сылгы маркировката бу сыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр диэри түмүктэниэхтээх.  

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 2020 сылтан саҕалаан «РегАгро» программа киирэн сүөһүгэ уонна дьиэ кыылыгар: ыкка, куоскаҕа маркировка үлэтэ саҕаламмыта. Бу программаны бэтэринээринэй сулууспа эрэ үлэһиттэрэ буолбакка, Россельхознадзор уонна да атын кэтээн көрөр тэрилтэлэр көрүөхтэрэ, кэтиэхтэрэ. Ону таһынан,  киһиэхэ, сүөһүгэ сыстыганнаах ыарыылар тарҕамматтарын курдук сүөһүттэн ылыллар эт-уут бородууксуйа хаачыстыбалаах буолуутун туоһулуур, дьоҥҥо куттал суоһаабатын диэн  бэтэринээринэй үлэһиттэр сүөһү төбөтүн ахсаанын, төбө хамсааһынын барытын учуокка ылыахтара.  

Бүлүү улууһугар ынах сүөһүнү маассабайдык маркировкалааһын ыытыллан, бүгүҥҥү күн туругунан, уопсайа 9 197 төбө ынах сүөһү, 1 764 ыт уонна куоска маркировкаланан учуокка ылылынна. Ааспыт 2023 сылга 1000  чип кэлбититтэн 837 сылгы маркировкаланан учуокка ылылынна.  Маркировкаламмыт ынах сүөһү, сылгы  «РегАгро» диэн учуот уонна регистрациялааһын национальнай ситимигэр киирэн иһэр.

Ааспыт сылларга өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан ынах сүөһү, ыт маркировкатын атыылаһыыга үп-харчы көрүллүбүт буоллаҕына, бу сылтан өрөспүүбүлүкэ бюджетыттан үбүлээһин көрүллүбэтэ. Ол иһин, Бүлүү улууһун бэтэринээринэй сулууспата «РегАгро» тэрилтэни кытары сөбүлэҥ түһэрсэн, сылгыга уонна саҥа төрүөх ньирэйдэргэ маркировкаҕа сайаапканы ыытан биркалары уонна чиптэры атыыласта.

Бирка уонна чип нэһилиэнньэҕэ төлөбүрдээх өҥө быһыытынан оҥоһуллуоҕа.  Ол курдук, кэтэх хаһаайыстыба  ынах сүөһүтүгэр 176 солкуобайга, сылгытыгар 177 солкуобайга тэҥнэһиэҕэ. Тэриллиилээх хаһаайыстыбаларга ынах сүөһү  төбөтүгэр 182 солкуобайга, сылгыга 192 солкуобайга тэҥнэһиэ.

Бу кэнники үс сылга ынах сүөһүгэ маркировка ыытыллыбытын үгүс хаһаайыстыбалар сэргээтилэр, сүппүт сүөһүлэрин буларга сүөһү кулгааҕар иилиллэр чииптээх нүөмэрдэр олус табыгастаах буоланнар, маркировкаламматах сүөһүлэригэр оҥорторо сатыыр буоллулар.

Сааскы, күһүҥҥү сыстыганнаах ыарыылары сэрэтэр тэрээһиннэри ыытар кэми кытта хоһулаһан маркировка үлэтэ тэҥҥэ барарын ситиһиэхтээхпит. Ол курдук, сылгы маркировкатыгар сылгылаах хаһаайыннар бэтэринээринэй сулууспаны кытта тэҥҥэ үлэлэһиэхтэрэ диэн эрэнэбит. Сүөһүнү, сылгыны маркировкалааһын үлэтэ салгыы ыытыллар, суруйда Бүлүү улууһун бэтэринээринэй сулууспата.

Ааптар: Олох суола хаһыат, Бүлүү улууһа.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА