25 Сэтинньи 25.11
  • -19°
  • $ 102,58
  • 107,43

Бүлүү улууһугар үс саҥа хотон үлэҕэ киирдэ

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бу күннэргэ Бүлүү улууһугар Мастаах түбэтин нэһилиэктэрин олохтоохторугар дьоһун үөрүү тосхойдо. Сопхуос саҕана, ол эбэтэр 1980-с сылларга, тутуллубут хотоннор саҥа тутуунан солбулуннулар.


120-лии  ынахха анаммыт саҥа хотоннор Балаҕаччы нэһилиэгин “Мастаах” кэпэрэтиибигэр (салайааччы Максим Яковлев), Кыргыдайга “Кыргыдай” кэпэрэтиипкэ (салайааччы Сеул Осипов) уонна “Илин” бааһынай хаһаайыстыбатыгар (баһылык Анастасия Кырбасова) үлэҕэ киллэрилиннилэр.

Аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир толору хааччыллыылаах сүөһү иитэр комплекстарын киинтэн ыраах сытар тыа сиригэр тутуу, миэстэҕэ үлэни-хамнаһы тэрийэргэ улахан суолталаах.

Ил Дархан Айсен Николаев Ыйааҕын толоруу чэрчитинэн, быйыл өрөспүүбүлүкэҕэ биэс хотон үлэҕэ киирбититтэн, үһэ Мастаах эҥээргэ тутуллубута Бүлүү улууһун дьаһалтата Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин уонна “Туймаада” ҮАПХ-ны кытары үлэтин түмүгэр ситиһилиннэ.

Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА