22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Үбүлүөй. Александр Жиркову эҕэрдэлииллэр

10:53, 15 января 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Үүммүт сыл маҥнайгы күнүгэр Ил Түмэн бастакы вице-спикерэ Александр Николаевич Жирков 65 сааһын туолла. Өрөспүүбүлүкэ биллиилээх государственнай уонна общественнай деятелин төрөөбүт күнүнэн Ил Дархан А.С. Николаев эҕэрдэлээтэ. Эрэдээксийэ А.Н. Жирков аатыгар араас сиртэн кэлэ турар эҕэрдэлэргэ кыттыһар.


Николаев Айсен Сергеевич, Глава Республики Саха (Якутия):

В родной республике знают Вас как видного государственного деятеля, известного политика и общественника, убежденного защитника прав и интересов своего народа. Вы по праву пользуетесь заслуженным авторитетом и уважением не только в Якутии, но и далеко за ее пределами, на международном уровне.

Вы проводите огромную кропотливую работу по сохранению и приумножению духовного наследия народа, укреплению культурных связей между братскими народами. Как истинный патриот родного края принципиально отстаиваете интересы республики, берете на себя ответственность за будущее северян. Вашему компетентному мнению прислушиваются на федеральном уровне.

Уверен, Ваш богатый жизненный опыт и мудрость, глубокие знания и твердая позиция исключительно значимы, окажут и впредь содействие в решении стратегических задач, затрагивающих интересы жителей республики.

Николаев Михаил Ефимович, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы Бэрэсидьиэнэ:

Кэлэр сыллар эмиэ 90-с сыллар курдук олус уустук буолуохтара, норуот туох баар санаатын, дьулуурун, кыаҕын олоччу түмэрэ ирдэниэҕэ. Ол ыарахаттары тулуйар, этэҥҥэ ааһар туһугар биһиги сөптөөх, бэлэмнээх салайааччылардаах буолуохтаахпыт.

А.Н. Жиркову кытта уһун кэмҥэ бииргэ алтыспыт, үлэлээбит киһи быһыытынан этэбин: кини билиҥҥи кэмҥэ биһиги өрөспүүбүлүкэбит биир саамай уопуттаах, өрөспүүбүлүкэ иһигэр эрэ буолбакка, Россия таһымыгар биллэр салайааччы. Бу уустук кэмҥэ кини салайар дьоҕура, билиитин-көрүүтүн таһыма, сиэрдээх өйө-санаата биһиги норуоппут судаарыстыбаннаһын туруулаһыыга уонна салгыы бөҕөргөтүүгэ улахан туһалаах буолуоҕа. Норуоппут ону өйдүөх кэриҥнээх.

Александр Николаевич! Бу тыллары мин эн тускар икки сыллааҕыта эппитим. Күн бүгүн бүтүннүү бигэргэтэбин, Сахабыт сирин, бар-дьоммут туһугар салгыы туруулас, үлэлээ диэн алгыспын тиэрдэбин.

Штыров Вячеслав Анатольевич, в 2002–2010 г. Президент РС(Я):

Истинный сторонник государственности народов Якутии, благодаря умению трудиться с полной отдачей сил Вы снискали заслуженный авторитет у коллег, которые ценят присущие вам профессионализм, целеустремленность и энергию. Уверен, что эти качества и в дальнейшем будут способствовать успешной работе, формированию прочной законодательной базы Республики Саха (Якутия), защите интересов граждан нашей республики.

Борисов Егор Афанасьевич, в 2010–2018 г. Президент, Глава РС(Я):

А.Н. Жирков остается одним из немногих стабильных политиков в современной истории Якутии. Ответственность перед родным народом, постоянное и последовательное отстаивание интересов республики, нацеленность на движение вперёд, надежность и профессиональная компетентность всегда остаются отличительными особенностями его личности.

Миронов Дмитрий Николаевич, в 1992–2014 г. судья, Председатель Конституционного суда РС(Я), доктор юридических наук, профессор:

В политике необходимы личности, которые не размениваясь по мелочам, держат стержневую основу происходящих процессов, последовательно направляя их на выполнение стратегических запросов власти и общества.

По моим многолетним наблюдениям А.Н. Жирков именно из тех весьма редких руководителей, обладающих отмеченными способностями, выступает как носитель той кумулятивной энергии, которая должна быть присуща любому парламенту и которая на деле отличает орган представительной власти от исполнительной.

Корнилова Зоя Афанасьевна, РСФСР ХII ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэтин, РФ II ыҥырыылаах Судаарыстыбаннай Дууматын, СӨ II–IV ыҥырыылаах Ил Түмэнин депутата:

Дьокуускайга 2016 сыллаахха Россия депутаттарын улахан бөлөҕө кэлэн Россия Федерациятын билиҥҥи тутулун уларытан, өрөспүүбүлүкэ, кыраай, уобалас диэн араарбакка, барыларын биир халыып субъект оҥоруохха диэн боппуруоһу туруорбуттара. Улахан дьүүллэһии, ыксыы буолбута. Александр Николаевич ыҥырыытынан мөккүөргэ Е.М. Ларионов уонна мин кыттыбыппыт. Түмүккэ Александр Николаевич туран Саха Өрөспүүбүлүкэтэ, Ил Түмэн, Бырабыыталыстыба даҕаны Федеральнай мунньах бэлэмнээн аҕалбыт бу бырайыагын өйөөбөппүт уонна өйүөхпүт суоҕа диэн көнөтүнэн уонна быһаччы эппитэ. Ити түмүгэр бу бырайыак ылыллыбатаҕа, Москваҕа илдьэн да баран кыайбатахтара. Ол киирсиигэ Александр Николаевич ханнык да таһымҥа өрөспүүбүлүкэбит судаарыстыбаннаһын кыахтаахтык көмүскүүр уонна туруорсар салайааччы буоларын барыларыгар итэҕэппитэ.

Пинигин Павел Павлович, көҥүл тустууга Олимпийскай оонньуулар, Аан дойду үс төгүллээх чемпиона, V, VI ыҥырыылаах Ил Түмэн депутата:

Эн салалтаҕынан 2019 сыллаахха биһиги Соҕуруу Кореяҕа делегациянан баран кэлбиппит. Онно Эйигин дэгиттэр билиилээх, дьиҥнээх профессионал буоларгын илэ харахпынан көрбүтүм. Эн тус бэйэҕин, итэҕэтиилээх этиилэргин омук политиктара сүрдээҕин ылыналларын итэҕэйбитим.

Эн хаһан да эппит тылгар турар, ханнык да түгэҥҥэ халбаҥнаабат, эрэллээх киһигин, доҕоргун. «Триумф» стадиоҥҥа буолбут айдааҥҥа миигин ыга сатаабыттарын истэн: «Эйиэхэ иккис Монреаль буолбут. Саха самныбат, чугуйбат модун санаалааҕын өссө төгүл көрдөрбүккүн», – диэбиккин умнубаппын.

Алексеев Михаил Петрович-Дапсы, тыл үөрэхтээҕэ, учуонай:

Александр Николаевич сахатын тылын үйэлээх үгэһинэн сөпкө саҥарар да, суруйар да, ону ааһан тылга талымас, тыл амтанын билэр, тылга муннугар сыттаах. Маннык таһым өрөспүүбүлүкэбит салалтатыгар лаппа аҕыйаан, сэдэхсийэн иһэр.

Кини Чингиз Айтматов «Пегий пес, бегущий краем моря» айымньытын уу сахалыы ырыа курдук ыпсарбытын киһи долгуйа ааҕар, сөҕүөҕүнэн сөҕөр! Тылбаас сороҕун өссө сахалыы, олоҥхолуу уохтаах буолан, сүрэҕим-быарым иһинэн киллэрэн, ордоруох курдукпун…

Тыла дьадайбыт, сахалыы этии тутулун билбэт да, баардылаабат да буолбут аныгы үйэҕэ Айтматов эрэдэһиннээх тылын табан тылбаастыыр саха эрдьигэн баар эбит! Аһара уустук истилиистикэни санаата хотон, күрэстэһэр кыахтаах киһи ахан, модун тылбаасчыт санаабатах өттүбүттэн күөрэс гыммыта соһуччутун, үөрүүлээҕин!

Стручкова Ньургуйаана Михайловна, «Сахабэчээт» салайааччыта:

Биһиги, саха бэчээтин уонна журналистикатын, саха култууратын уонна литературатын үлэһиттэрэ, Эйигин саха бэчээтин кырдьыктаах историгынан, ийэ тыл туһугар чугуйбат туруулаһааччынан, бигэ тирэхпитинэн ааҕынабыт, Эйигиттэн өрүү сүбэ-соргу, өйөбүл-тускул ылабыт.

Шаймиев Минтимер Шарипович, первый Президент Республики Татарстан:

В течение более двух десятков лет Александр Николаевич вносит огромный личный вклад в укрепление дружбы между народами нашей страны, в дело  расширения международных связей и международного имиджа родной республики. Его многогранная деятельность во имя сохранения и возрождения материального и духовного наследия народов Российской Федерации с каждым годом становится всё масштабнее, способствуя распространению этого движения на всю страну и даже за ее пределами.

Рад, что нашел в нем единомышленника в этом важном и необходимом для всего нашего общества благородном деле.

Отунбаева Роза Исаковна, в 2010–2011 г. Президент Республики Кыргызстан:

В день Вашего 65-летия  примите пожелания крепкого здоровья и присущей вам крепости духа, твердости характера. Накопленная мудрость – вот то бесценное сокровище, которое Вы приобрели и которыми  Вы делитесь со всеми, кто Вас окружает. Спасибо Вам за все то, что Вы делали и делаете для культурного сближения наших народов. Дальнейших дел и устремлений во имя лучшего будущего!

Федотов Алексей Васильевич, Колодезников Иван Иванович, Уус Алдан улууһа:

Эн өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар киллэрбит кылааккар, тугунан да кэмнэммэт туруорсууларгар уонна бииргэ үлэлээн кыайыыларга кынаттыыргар дириҥ махталбытын тиэрдэбит. Төрөөбүт улууһуҥ, өрөспүүбүлүкэҥ сайдыытыгар оҥорбут өҥөҥ, сөптөөх дьаһалларыҥ, дьоҥҥо-сэргэҕэ чугаһыҥ, сылайары билиммэккэ үлэлиир үлэҥ үйэ-саас тухары хаалыаҕа, холобур буолуоҕа.

Михайлова Евгения Исаевна, М.К. Аммосов аатынан хотугулуу-илиҥҥи университет Президенэ:

Александр Николаевич, эн аан маҥнай политика эйгэтигэр киириэххиттэн туох туһугар туруулаһыахтааххын, ону хайдах олоххо киллэриэхтээххин билэриҥ. Күдээринэ күүрээҥҥэ ылларбакка, бытархайга ылахтаспакка, күүскүн-кыаххын барытын сүрүн сорукка, тапталлаах Сахабыт сирэ, төрөөбүт норуоппут инникилээх буоларын туһугар аныыгын. Бу ыра санаа тула сүүһүнэн дьону түмтүҥ, тохтообокко, дьулурҕатык үлэлии сылдьаҕын. Эйиэхэ саҥа ситиһиилэри!

Борисов Андрей Саввич, 1990–2014 сылларга СӨ култууратын миниистирэ, СӨ судаарыстыбаннай сүбэһитэ:

Александр Николаевич уратылаах, уһулуччу дьоҕурдаах киһи. Норуот, омук, судаарыстыба иннигэр үлэлиэхтээх, «норуот дьылҕатын туһугар кэм-кэрдии, история иннигэр эппиэтинэһи ылыныахтаах» – диэн анаан айыллыбыт курдук. Ити үрдүк миссияҕа кини барытынан сөп түбэһэр: билиитэ-көрүүтэ, өйө-санаата, салайар дьоҕура, хайа да таһымҥа дэгиттэр кыаҕа, тас көрүҥэ даҕаны.

Кини өрөспүүбүлүкэ билиҥҥи салайар, культурнай, духовнай элитатын биир ордук чаҕылхай, бэлиэ киһитэ.

Жирков Егор Петрович, 1992–1994 с. Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕин миниистирэ, I ыҥырыылаах Судаарыстыбаннай Дума, II, IV, V ыҥырыылаах Ил Түмэн депутата:

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын парламент иһинэн талыыны ыытар туһунан үөһээттэн-алларааттан үтэр-анньар кэпсэтии саҕаламмытын дириҥэттэрбэккэ, тута утаран, дьон-норуот Ил Дарханы бэйэтэ куоластаан талар балаһыанньатын көмүскээбитэ, хааллартарбыта. Бу улахан суолталаах, хорсун дьаһаныы.

Араастаан xohулатан ойоҕостон да, үөһээттэн да дьайыыга хотторбокко, саха омугун дьылҕатын-кэскилин харыстаһан, төрөөбүт тылынан үөрэнэр, ийэ тылбытын үөрэтэр бырааппытын Судаарыстыбаннай Дуумаҕа хас да төгүл буулаҕа бухатыырдыы турууласта, көмүскээтэ. Бу уустугурбут, түһүүлээх-тахсыылаах, былаас уларыйыылаах кэмигэр кини көнө уонна бигэ позицията өрүү туһалаах, көмөлөөх буола туруоҕа.

Наумов Дмитрий Федосеевич, IV ыҥырыылаах Ил Түмэн дьокутаата, суруйааччы, драматург:

Эн биһиги норуоппут духуобунай баайын өрө тутууга өрөспүүбүлүкэ парламенын күүскэ кытыаран, салалтаны көҕүлээн, улахан тирэх буоллуҥ. Ити тустаах тэрилтэлэргэ эрэ көмө буолбатах. Дьиҥэр, Эн өрөспүүбүлүкэ парламенын Саха сирин норуотугар чугас, национальнай интеллигенция тирэх оҥостор күүһэ буоларын ситистиҥ диэн этэбин.

Бу улахан ситиһии буоларын норуот кэнэҕэһин кэнэҕэс толору өйдүө, махтаныа дии саныыбын.

Кривошапкин Андрей Васильевич, Саха Өрөспүүбүлүкэтин народнай суруйааччыта:

…Биир, соччо кэрэтэ суох да буоллар, ыйыллаҕас кэмҥэ киһи хайдаҕын көрдөрөр бэлиэ түгэн. Яков Стахов диэн Ис Дьыала миниистирэ баара. Биһиэхэ Эбээн-Бытантайга тиийэ сылдьан, оһолго түбэспитэ. Сонно тута: «Миигин карабинынан ыттылар», – диэн, онуоха олохтоох дьону, хоту дойду булчут, табаһыт дьонун буруйдаабыта. «Ыппыт киһини» була сатаан өлбүт киһиэхэ кытта түһэрэ сылдьыбыттара. Оччотооҕу салалта бу быһылааны саба сатаабыта.

Онуоха Александр Жирков Яков Стаховка аһаҕастык: «Туохтан оһолломмуккун билин, хотугу дьону балыйа сатаабыт буруйгун кинилэртэн бырастыы гыналларыгар көрдөс», – диэн эппитэ, бу быһылаан туһунан Россияҕа МВД миниистиригэр туруорсуу оҥорбута. Москваттан анал комиссия кэлбитэ. Ол комиссияҕа, биһиги баарбытыгар, Александр Жирков: «Стахов көннөрү үлэһит, булчут, табаһыт дьону балыйа сатаан, бэйэтин аатын, милиция аатын киртиттэ, бу киһини өрөспүүбүлүкэттэн көһөрүҥ», – диэн модьуйуу түһэрбитэ.

Ити дьыалаҕа орооһортон кинини тохтото, сэрэтэ сатаабыттара. Бу түгэни үгүс киһи билбэт, ол иһин билэр киһи быһыытынан анаан суруйдум.

Егоров Август Васильевич, «Бичик» национальнай кинигэ кыһатын директора:

Биһиги эйигин умнуллубут ааттары тилиннэрээччи, история, литература үрүҥ бээтинэлэрин арыйааччы быһыытынан билинэбит уонна сыаналыыбыт. Эн көҕүлээһиҥҥинэн тахсыбыт «Саха театрын антологията»,  «Материальная и духовная культура народов Якутии в музеях мира», «Национальная интеллигенция и становление государственности народов Якутии», «Аан дойду норуоттарын эпическэй айымньылара» о.д.а. элбэх туомнаах кинигэлэриҥ республика, Россия, дойду тас өттүгэр тиийэ билинилиннилэр, саха бэчээтин аатын  Аан дойдуга ааттаттылар.

Валерий Николаевич Луковцев, «Бичик» национальнай кинигэ кыһатын директорын солбуйааччыта:

Саха сиригэр парламентаризм сайдыытыгар уонна биһиги республикабыт статуһа бөҕөргөөһүнүгэр сүрдээх улахан үлэни ыыттыҥ. Сахабыт норуота туруктаах буоларын туһугар туруулаһан ол инниттэн туора да көрүллүбүккүн биһиги билэбит, өйдүүбүт. Төрөөбүт норуоккар Күлүмнүүр курдук өссө да таһаарылаахтык үлэлиэҥ, умнуллубат үтүөнү оҥоро туруоҥ диэн эрэнэбит.

Неустроев Борис Федорович-Мандар Уус:

Эн саха омук төрүт айылгытын сөргүтүүгэ төһөлөөх сыраҕын биэрэргин сөҕө эрэ саныыбын. Бэйэҥ олоҥхо бухатыырын курдук, туохтан да саараан, толлон турбат айылгылааххын. Тугун-ханныгын быһаара охсон, төрдүн-төбөтүн булларан олоххо киллэрбитинэн барар уһулуччу дьоҕурдааххын. Эйигин кытта көрсүбүт, сэһэргэспит, өй-санаа тургутуспут күннэрбин үөрүүнэн ахтабын, наһаа кэтэһэбин. Биһигини – саха уустарын, урут улаханнык сээн дэммэтэх дьону өйөөн «Мандар кыһата» тутулларын ситиспиккэр махталбыт муҥура суох. Аны Моҕол ураһаны – былыргылыы оҥоһуулаах баараҕай тутууну, Александр Николаевич, эмиэ бэйэҥ ылсан иилэстиҥ-саҕаластыҥ. Эн тускар барыта алгыс курдук буолан истин!

Иванов Климент Егорович, в 1990–1992 г. Председатель Совета Министров, Председатель Верховного Совета Якутской Саха-ССР XII созыва:

Вы один из тех депутатов, которые с самого начала проявили уважительное и принципиально правильное отношение к деятельности Верховного Совета XII созыва.

Как Председатель Госсобрания (Ил Тумэн) V созыва подняли на новый уровень деятельность Госсобрания. Убежденный сторонник и участник укрепления процессов суверенитета нашей республики, Вы неуклонно придерживаетесь конституционной нормы разделения ветвей власти, подняли на новый уровень тесное сотрудничество с региональными и центральными российскими законодателями.

Власов Василий Михайлович, в 1998–2002 г. Председатель Правительства РС(Я):

Вспоминаются наши встречи, дискуссии в те далекие уже годы формирования под водительством политического и духовного лидера республики М.Е. Николаева новой государственности Якутии, восстановления доброго имени славных представителей народа Саха предыдущих поколений. Все последующие годы Вы целеустремленно и последовательно следовали этим курсом, превращая нашу родную Якутию в авторитетный, развивающийся край, устремленный в будущее, завоевав заслуженную поддержку и уважение жителей республики.

Гольдберг Владимир Михайлович, доктор химических наук, профессор Института биохимической физики им. Н.М. Эмануэля Российской АН, супруг Лены Максимовны Аммосовой:

Вы – замечательный человек, носитель сочетания необыкновенных человеческих качеств, необычный для нашего времени по блестящей эрудиции, близости к народу, литературному таланту.

При гигантском масштабе и разносторонности Вашей деятельности Вы – человек исключительно тонкой душевной организации. Мне навсегда врезался в память 12 сентября 2017 г., день юбилея Лены Максимовны Аммосовой. Лена Максимовна лежала в реанимации неврологического отделения московской больницы. Вы сказали тогда: «Надо навестить Л.М.!». Я ответил, что это вдвойне невозможно и потому, что поздно – больница закрыта, и потому, что в реанимацию вообще никого не пускают. В итоге мы поехали. Там Вы подошли к дежурному врачу, и он неожиданно для всех впустил не только Вас, но и меня с Вами. Врач сказал, что Лена Максимовна без сознания. Но, когда Вы назвали ее имя, она открыла глаза и улыбнулась Вам. Поразительно, что это, на самом деле, волшебство, меня ничуть не удивило. Вы можете все.

Лена Максимовна всегда говорила, что Вы воплотили главную мечту дочерей Максима Кировича по увековечению его имени.

Бексултан Жакиев, народный писатель, Герой Кыргызской Республики, Президент Международной ассоциации «Эпосы народов мира»:

Вы патриот двух наших народов. Испытываю глубокое удовлетворение, вспоминая, как Вы неустанно добивались установления в Кыргызстане памятника выдающему государственному деятелю наших народов Максиму Аммосову, взоры которого задумчиво устремлены на просторы родного края. Огромна Ваша заслуга как Вице-президента Международной ассоциации «Эпосы народов мира» в ее учреждении и становлении. Велика Ваша заслуга в укреплении культурно-творческих связей между нашими братскими народами. Благословляю Вас на долгие годы!

Поздняков Северин Николаевич, глава МО «Алданский район»:

Вы сильный, мужественный человек, признанный всеми в республике государственный и общественный деятель. За Вашими плечами много трудных дорог и значительных дел, но немало еще впереди. Пусть Вам всегда опорой будут верные и ценящие Вас единомышленники и друзья!

Ноговицын Андрей Тимофеевич, Захаров Афанасий Афанасьевич, Чурапчы улууһа:

Саха Олоҥхотун ураты тыыннаан, тэрийэн, дьоһуннук бэлиэтээн сүҥкэн үлэни кыайа туппутуҥ кэнчээри ыччаппытыгар улахан бэлэх буолар үлэ буолла. Чурапчыга ыытыллыбыт тохсус Олоҥхо ыһыаҕа хайдахтаах курдук биһиги олохтоохторбутун түмпүтэ буолуой. Дьон ис санаатын ууран туран күргүөмүнэн туруммута, Чурапчы тыһыынчанан эр дьоно Олоҥхо гимнын ыллаабыттара, хас да тыһыынча киһи уус-уран көстүүлэргэ кыттыбыттара. Олоҥхо сөҕүмэр түмэр күүстээх. Сахабыт сиригэр Олоҥхону сайыннарар, тарҕатар түмсүүнү олус таһымнаахтык олохтоон, тэрийэн үлэлииргэр эйиэхэ Александр Николаевичка төрөөбүт норуотуҥ махталлаах буола туруоҕа.

Станиловский Виктор Николаевич, глава МО «Нерюнгринский район»:

Вы по праву заслужили репутацию настоящего государственного деятеля, талантливого руководителя, энергичного и ответственного человека, глубоко знающего проблемы и запросы всех жителей нашей многонациональной республики. Выражаю слова признательности за понимание и тесное сотрудничество, значительный личный вклад в социально-экономическое развитие Нерюнгринского района.

Сивцев Николай Прокопьевич, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Доллу нэһилиэгин баһылыга, Десяткина Таисия Васильевна, «Тумул» тыа хаһаайыстыбатын кооперативын салайааччыта:

Эн биһиги нэһилиэкпит туһугар кыһамньыҥ, көмөҥ иһин махтанабыт, Эйигинэн киэн туттабыт. Эн көмөҕүнэн биһиги нэһилиэкпитигэр саҥа таас Култуура киинэ, саҥа тустуу саалата, толору хааччыллыылаах животноводческай комплекстар уо.д.а. тутуулар үлэҕэ киирэн тигинэччи үлэлии тураллар.

Өрүүтүн ыллыктаах санааҕынан, эйэҕэс сыһыаҥҥынан, үтүө сүбэҕинэн күүс көмө буола сылдьаргар баҕарабыт.

Алексеев Константин Анатольевич, Уус Алдан улууһун Өлтөх нэһилиэгин баһылыга, Артамонов Иван Витальевич, Бэйдиҥэ орто оскуолатын дириэктэрэ:

Сахалыы мындыр өйгүнэн, төрөөбүт сиргэр ахсаабат үтүө сыһыаҥҥынан, күүстээх, күргүөмнээх үлэ үөһүгэр сылдьаргынан киэн туттабыт. Эппиккин толорор, ылсыбыккын тиһэҕэр тириэрдэр дьулууруҥ, чиэһинэй үлэҥ, сүбэҥ-амаҥ, көмөҥ иһин махтанабыт.

Инникитин да оргуйар олох үөһүгэр чэгиэн туруктаах, дьон-сэргэ туһа диэн айымньылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьаргар төрөөбүт төрүт түөлбэҥ, ытык Өлтөх сирин алгыһын ыытабыт.

Членов Владимир Михайлович, президент Торгово-промышленной палаты Республики Саха (Якутия), народный депутат Республики Саха (Якутия) IVVI созывов:

С наступающим Новым годом! Вы – истинный патриот, лидер и организатор огромного количества добрых дел! Абсолютно во всем полезный родным, республике и всему обществу человек!!!

Оставайтесь таким же надежным, доступным, крепким духом и телом, не поддающимся не каким испытаниям судьбы!

Ваш друг и соратник Владимир Членов.

Иванова Евдокия Николаевна, Мэҥэ Хаҥалас улууһун Олоҥхо ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ:

Олоҥхону үйэтитиигэ, сайыннарыыга, тарҕатыыга, саха норуотун сарсыҥҥытын салайсыыга үлэлиир үлэҕиҥ үрдүктүк сыаналыыбыт, дириҥник махтанабыт. Эн хас биирдии олоҥхоҕо үлэлиир киһиэхэ, олоҥхоһуттарга үтүө сүбэҕинэн, истиҥ сыһыаҥҥынан дурда-хахха, эркин буолаҕын. Дьон-сэргэ Эйигин “Саха саарына” диэн ытыктаан ааттыырынан киэн туттабыт, Эйигин үтүө холобур оҥостобут.

Харючи Сергей Николаевич, в 2000–2015 г. Председатель Законодательного Собрания Ямало-Ненецкого автономного округа, доктор юридических наук, профессор:

Вы – настоящий интеллектуал, позитивный, искренний и открытый человек, точно знающий своё дело, способный на достойные поступки. Человек той далёкой, для многих сейчас непонятной «закваски», замешанной на советском воспитании и образовании, дополненной обостренным чувством сострадания и ответственности, который не может поступать не по совести, не способен быть чёрствым к человеческим бедам, не умеет отступать и предавать.

Благодарен Тебе за поддержку и готовность помочь в не очень простые для меня жизненные моменты. Постоянно помню поездку на твою родину, ночлег в твоей охотничьей избушке на окраине якутского аласа. Высоко ценю и берегу нашу дружбу.  Это по-мужски  и… это – бесценно. Пусть процветает Ваша любимая родина – Республика Саха (Якутия)!

Басыгысов Виталий Николаевич, депутат Государственной Думы РФ III, IV созывов, Председатель Государственного Собрания (Ил Тумэн) РС (Я) IV созыва:

Наибольшую пользу обществу приносят те вопросы, которыми люди занимаются по убеждению, которые им по душе и которому они отдают все свое время. Масштаб личности Александра Николаевича таков, что этим он занимается не один, а вовлекает множество других людей.

Последовательно и настойчиво отстаивать интересы республики, находить в этом деле союзников среди других субъектов России, привлекать их на свою сторону, на совместные законодательные инициативы, генерировать новые развивающие идеи – вот политическое кредо Александра Николаевича. А еще он надежный во всем человек, настоящий друг, чего в современной политике наблюдается редко.

Ларионов Егор Михайлович, 1993–1997 сс. I ыҥырыылаах Ил Түмэн Өрөспүүбүлүкэ Палаататын Бэрэссэдээтэлэ:

Өрөспүүбүлүкэ I ыҥырыылаах Ил Түмэнин Палаататын салайа сылдьан харахха тута быраҕыллар, эдэр депутат бэйэтин көрүүтүн дьоһуннук сатаан көмүскүүрүн, киэн билиилээҕин, аҕа дьоҥҥо ытыктабыллаахтык сыһыаннаһарын бэлиэтии көрөн Бэрэстэбиитэллэр Палааталарын Бэрэссэдээтэлэ А.П. Илларионов анаан-минээн этэн турар: «Ити Уус Алдантан Александр Николаевич Жирков диэн, хайа да бэйэлээххэ таһаҕас буолуох курдук. Арааһа, Дьөгүөр, кэнэҕэс биһигини солбуйуон сөп ыччаты көрөбүн», – диэбиттээх. Муударай доҕорум сыыстарбатах.

Сивцев Михаил Петрович, министр образования и науки РС(Я):

Вся Ваша жизнь посвящена служению родной земле. Вас отличают высокий профессионализм, стремление принести пользу своему народу. Достижения Якутии последних десятилетий связаны с Вашей энергией и целеустремленностью, мудростью и государственным подходом к делу.

Иванов Павел Владимирович, министр имущественных и земельных отношений РС(Я):

Выражаю слова особой благодарности, признательности за содействие и поддержку в решении поставленных задач в области укрепления и управления государственной собственностью Республики Саха (Якутия).

Благодаря Вашей неутомимой деятельности реализовывается  потенциал нашего северного края, укрепляется международное культурно-гуманитарное сотрудничество, популяризация, сохранение и распространение эпического наследия народов мира.

Данилова Майя Андреевна, министр экономики РС(Я):

Вы всегда восхищали окружающих своим оптимизмом, богатым жизненным опытом, умением без суеты преодолевать трудности.

Ваш трудовой путь в сочетании с мужеством, сильным характером и упорством делают Вас незаменимым для развития родной республики.

Абильманов Жумарт Жакслыкович, Сидоркина Наталья Константиновна, Ленский район:

На всех должностях Вас отличают высокий профессионализм и самоотдача, трудолюбие и целеустремленность. Вы успешно преодолеваете все трудности, заботитесь о процветании Республики Саха (Якутия).

Как опытный руководитель и талантливый управленец, вы смогли внести неоценимый вклад в социально-экономическое развитие в Республике Саха (Якутия) и Российской Федерации.

Кобельянова Мария Васильевна, Сунтаар улууһун култууратын уонна айылгытын салалтатын начальнига:

Төрөөбүт тылбыт, сахабыт саҥата сайдарын туһугар, кэнэҕэски кэлэр ыччат баай историялаах, бөҕө куттаах, уһун тыыннаах урааҥхай омук удьуордара буолалларынан киэн тутта улааталларыгар далааһыннаах, кэскиллээх киэҥ үлэҥ махталлаах буола туруоҕа.

Тихонов Дмитрий Иванович, Майа сэлиэнньэтин баһылыга:

Эн өрөспүүбүлүкэбит сайдарын, бар дьон сарсыҥҥы күнүгэр эрэллээх буоларын туһугар сыралаах үлэҥ ситиһиилээх буоллун, ылыммытыҥ ыпсан, тутуспутуҥ тупсан истин!

Колмаков Юрий Николаевич, глава поселка Нижний Бестях:

Вы всегда были и остаетесь смелым созидателем, созвучным вызовам времени. Ваш вклад в развитие нашей республики ощутим и измерим конкретными делами, законами, масштабными проектами, научными трудами и исследованиями, масштабным строительством социально-культурных и хозяйственных объектов на селе. Ваша государственная, политическая, общественная, научная деятельность направлено во благо человека. Забота о людях, сохранение и развитие национальной культуры, патриотизм – те ориентиры, которые отслеживаются во всех Ваших делах.

Старостин Николай Прокопьевич, Сазонов Павел Данилович, Мэҥэ Хаҥалас улууһа:

Саха сирин бүттүүнүн үрдүнэн бэйэҥ дьаныаргынан, туруорсуугунан норуот хаһаайыстыбата сайдарыгар, тыа сирэ туруктаах буоларыгар, өрөспүүбүлүкэбит инникитин туһугар уҕараабат эрчимҥин, кэскиллээх санааҕын, мындыр өйгүн биһиги сөҕө-махтайа көрөбүт, киэн туттабыт, тэҥҥэ үлэлэһэргэ дьулуһабыт.

Мэҥэ Хаҥалас нэһилиэктэрин баһылыктара:

Тустаах үлэҥ быыһыгар үтүмэн элбэх общественнай үлэлэргэ үлэлээн, Сахабыт сирин хас биирдии олохтооҕо сарсыҥҥыга эрэллээх, бигэ, чөл туруктаах, норуоппут төрүт култууратын, олоҕун-дьаһаҕын сыаналыыр, билэр, ырыҥалыыр, толкуйдуур буоларын туһугар кылаатыҥ иһин дириҥник махтанабыт! Хайа да үлэҕэ үлэлээбитиҥ иһин, эн дириҥ толкуйдаах, мындыр өйдөөх, халбаҥнаабат чиэһинэй позициялаах, эппит тылгар бигэтик турар, ылыннарыылаах тыллаах салайааччы буоларгын бүгүҥҥү бэлиэ күҥҥэр астынан туран бэлиэтиибит!

Өспөх нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ:

Биһиги бары ытыктыыр киһибит күндү Александр Николаевич! Хас биирдии быыбардааччыҥ эгэлгэ кыһалҕатыгар, кэрэ-бэлиэ да, курус да  түгэннэригэр сүрэххинэн чугастык ылынан куруутун күүс-көмө буоларгар, үтүө тылгынан, амарах санааҕынан өйөбүл, тирэх, сүбэ-ама буоларгар  Өспөх нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ бары олус күүскэ махтанабыт уонна чэгиэнтэн чэгиэн доруобуйаны, булгуруйбат кытаанах санааланан үрдүктэн үрдүк  ситиһиилэри, тус бэйэҕэр уонна дьиэ кэргэҥҥэр дьолу-соргуну, үтүмэн үөрүүнү баҕарабыт!

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА