Бүлүү гимназиятын 11 “а” кылааһын 18 оҕо бүтэрбититтэн, 8 кыыска көмүс мэтээл чаҕылыйа оонньуур. Оскуоланы бүтэрээччилэр ситии-хотуу аттестатын туттулар, диэн суруйар https://ulus.media
Бүлүүтээҕи гимназия быйылгы выпускниктарын 2014 сылтан Акулина Федорова ийэ, эдьиий курдук көрөн, олох киэҥ суолугар үктэннэрэн эрэр. Кылаас салайааччыта икки аҥаар ый үөрэнээччилэрин кытары тэйиччиттэн сибээстэһэн, олус суохтаабыт, хаһан көрсөрүн ыраламмыт. Ол түгэн бүгүн тосхойдо, кылааһын оҕолорун дьэ көрүстэ.
Ол эрээри бу да сырыыга санитарнай ирдэбилтэн туораабакка, барыларын бииргэ түмпэккэ эрэ, оҕолору үстүү буолан үөрүүлээх түгэҥҥэ ыҥырдылар. Онон чааһынан аттаран, үөрэнээччилэргэ аттестаттарын биэрдилэр, улуус баһылыгын, оскуола салалтатын махтал суруктарын туттардылар.
Лиля Афонская кыра сааһыттан туйгуннук үөрэнэр, олоххо мэлдьи көхтөөх кыыс. Кини киин куорат кыһатыгар техническэй идэҕэ туттарсар бигэ санааны ылынан, от ыйын 6 күнүттэн кэлим тургутууну ааһыаҕа. Лиля: “Харантыын хаайбыта, биллэн туран, охсуулаах, оҕолорбутун кытта күннэтэ сирэй көрсөн кэпсэппэппит, сорудахтары ырыппаппыт чункук этэ, ол эрээри консультация бары анал платформаларынан тиһигин быспакка буолла, онон үөрэххэ киирэр инибин,” – диэн кэпсиир.
Быйыл Бүлүүгэ 256 үөрэнээччи оскуоланы бүтэрдэ, кинилэртэн 108 оҕо үрдүк үөрэххэ барары быһаарынан, кэлим эксээмэни талбыт.