22 Сэтинньи 22.11
  • -30°
  • $ 100,68
  • 106,08

Бүлүүгэ эбэ кытылын тупсаран оҥоруу саҕаланна

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бүлүү куораты тупсаран оҥорууга нэһилиэнньэ кыттар. Ахсынньы 5 күнүгэр олохтоохтор 61,8%-нара эбэ кытылын киэргэтиигэ куоластаатылар. Быыбарга барыта 1276 киһи кытынна.

«Территорияны тупсарыыга куоластааһын буолла. Куорат олохтоохторо көхтөөхтүк кытыннылар. Чуолаан кинилэр ханна туох оҥоһуллуохтааҕын билэллэр, ол иһин хас биирдиилэрин куолаһа улахан суолталаах. Быыбар эбэ биэрэгин тупсарыыга анаммыт бырайыакка тохтоото. Чахчы Бүлүү эбэ — бары саамай сөбүлүүр сирбит», — диэтэ Бүлүү куорат баһылыга Ян Попов.

Источник: «олох суола» хаһыат телеграм-ханаала

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА