Бүлүүгэ аракыата тобоҕун буллулар

Олунньу 1 күнүгэр «Восточнай» космодромтан «Союз-2.1а» аракыата көтөн, тобохторо Бүлүү уонна Алдан оройуоннарын сиригэр түстүлэр.


СӨ айылҕа харыстабылын миниистирин бастакы солбуйааччыта Семен Яковлев иһитиннэрбитинэн, Бүлүүгэ  беспилотник көмөтүнэн аракыата тобоҕун булбуттар. Ыраах уонна сылдьарга эрэйдээх сиргэ түспүт буолан, бөртөлүөт чопчу миэстэтигэр тиийэн түһэр кыаҕа суох. Сарсын оробуочай бөлөх тобох түспүт сирин чинчийиэхтээх уонна боруоба ылыахтаах.

Оттон Алдаҥҥа беспилотниктар үлэлэрэ тиэхиньиическэй биричиинэнэн тохтотуллубут.

This post was published on 02.02.2018 17:56 17:56