22 Сэтинньи 22.11
  • -33°
  • $ 100,68
  • 106,08

Бөхпүтүн ханна гынабыт: Уус Алдан Өспөхтөрө биир сүрүн кыһалҕаларын туоратыыга ылыстылар

15:21, 11 октября
Хаартыска: Мүрү Саһарҕата
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Арааһы барытын айан таһаарар аныгы кэмҥэ олоробут. Табаар эгэлгэтэ, аны бу табаарбыт барыта араас химическэй састааптаах суута-хаҕа үгүс уонна, потребительскай уопсастыбаҕа олорорбут быһыытынан, бөхпүт арааһа, ахсаана эмиэ аата-ахсаана суох элбээн иһэр.

Кытаанах бөҕү харайыы туһунан РФ сокуона 2019 сыллаахха киирбитэ. Ол гынан баран, бу сокуон куһаҕан суоллаах-иистээх, тэйиччи сытар нэһилиэктэргэ кэккэ кыһалҕаны үөскэттэ. Нэһилиэк дьаһалтатыттан нэһилиэнньэ бөҕүн хомуйуу, таһыы, харайыы үлэтин тэрийии ирдэнэр, оттон үөрэ-көтө тастарыахтарын, кэккэ мэһэйдэр, ирдэбиллэр, сокуоннар тахсан кэлэн хааччахтыыллар.

Чопчу ханнык-туох кыһалҕа баарын, ол кыһалҕаттан тахсар ханнык суол баар буолуон сөбүн тобула, үлэлэһэ сылдьар Өспөх нэһилиэгин баһылыга Лена Свешникова маннык кэпсиир:

– Бөҕү таһар «Экологические системы Якутии» региональнай оператор «суолгут-иискит суох, ахсааҥҥыт аҕыйах, үлэлиирбэр экономика өттүнэн барыһа суох, ороскуоттаах» диэн биһиги нэһилиэкпитигэр кэлбэт. Бу маннык балаһыанньа бүтүн Саха сирин үрдүнэн баар. Билигин ДьУоКХ уонна энергетика министиэристибэтин сайтыгар баар өрөспүүбүлүкэҕэ ТКО-ны кытта үлэтигэр территориальнай схематынан биһиги нэһилиэкпитигэр сыбаалка диэн көрүллүбэт. Барыта улуус киинигэр таһыллан уматыллыахтаах диэн былааннаммыт. Оттон биһиэхэ суол төгүрүк сыл суоҕунан итинник таһыы уустуктардаах.

Аны бөхпүтүн таһар сыбаалкабыт эмиэ этиллибит территориальнай схемаҕа киирбэт. Бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 46 эрэ сыбаалка былааннаммыт. Бу сыбаалкалар докумуоннанан Госреестрга киирэллэр. Биһиэнэ ол реестрга киирэр ирдэбиллэргэ эппиэттээбэт: бастакынан, сыбаалкабыт ууга барар сиргэ сытар, иккиһинэн, сыбаалкабыт ыал тэлгэһэтиттэн ирдэбил быһыытынан аччаабыта 500 м тэйиччи сытар буолуохтаах, оттон биһиэнэ 300 м. Онон биһиги Дулҕалаах сыбаалкабыт сокуоннайа суоҕунан ааҕыллар, 2026 сылга эрэ диэри туттарбыт көҥүллэнэр, ол кэнниттэн рекультивацияланар диэн территориальнай схеманан былааннаммыт. Рекультивация (чөлүгэр, оннугар түһэрии) аҥаардас бырайыага 10 мөлүйүөн солкуобайга оҥоһуллар (2020 с. сыананан).

Онон бэйэбитигэр сөптөөх дьоҕус оһоҕу ылынан, ирдэбилгэ эппиэттиир гына туруоран дьаһаннахпытына хайдаҕый? Тахсар бөҕү уматыа этибит, сыбаалкабытын да аччатыа этибит.

Хаартыска: Мүрү Саһарҕата

Саха сиригэр «Внедрение экологических технологий» научнай-чинчийэр хампаанньа (сал. Андрей Юрьевич Хиль) патеннаах оһоҕун «Якутская ярмарка» диэн тэрилтэ оҥорон таһаарар эбит. Маннык оһох атын сиргэ оҥоһуллара буолуо эрээри, транспортировката (сыаната, айана) уустук буолсу. Ирдэбил быһыытынан кытаанах сирдээх (покрытие) площадкаҕа турар буолуохтаах (холбобур бетоннаммыт). Бу оһох аһаҕас халлаан да анныгар туруон сөп. Бу маннык кытаанах бөҕү кылгас кэмҥэ харайар былаһаакка – бөхпүтүн тастарар да буоллахпытына – ирдэнэр. Ол иһин, суолтан чугас, аны оһох турар буоллаҕына электричествоттан эмиэ чугас сир буоларынан, нэһилиэккэ киириигэ эргэ гараж оннугар бетоннатан бэлэмнэттибит. Сатаан дьаһаннахпытына күрүөлээн, бэрээдэктээхтик, харыстаан тутуннахпытына бэрт буолуо этэ.

«Якутская ярмарка» диэн тэрилтэҕэ бара сырыттым. Дириэктэрдэрэ араас кээмэйдээх оһоҕу оҥорон таһаарыахпытын сөп диир. «Ол эһиги нэһилиэнньэҕит ахсааныттан уонна, биллэн турар, үптэн тутулуктаах. Эһиги кыаххытыгар 0.3 куб. м. оһох барсар эбит, оһоҕу алта ый иһигэр оҥоруохпутун сөп», – диэтэ.

Бу күннэргэ нэһилиэкпит олохтоохторугар СӨ Үбүн министиэристибэтэ ыытар бэйэ көҕүлээһинин өйүүр бырагырааматыгар кэлэр сылга туох бырайыагынан кыттабыт диэн ыйытыыны туруораммыт, нэһилиэнньэ кытаанах бөҕү утилизациялыыр установканы атыылаһыы диэни өйөөтө. Онон куонкуруска этэҥҥэ кыттан, бу оһоҕу сакаастаан оҥотторон ылар кыахтаннахпытына, кытаанах бөҕү кытта үлэбитигэр хардыыны оҥоруо этибит.

Өспөхтөр ылсыбыт дьыалалара табыллан, көдьүүстээх буолан, атын нэһилиэктэргэ холобур буоларыгар баҕарабыт.

Мария Аргунова, Мүрү Саһарҕата

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар