Киин улуустарга +20… +25, хоту, хотугулуу-илин — +15… +20 кыраадыс.
Дьокуускайга эмиэ сылаас — күнүс +23… +25 кыраадыс. Түүн быстах ардыаҕа.
Быстах ардах Горнайга, Уус Майаҕа, Алдаҥҥа, Нерюнгрига, Ленскэйгэ, Мииринэйгэ, Бүлүүгэ, Үөһээ Бүлүүгэ, Кэбээйигэ түһүөҕэ.
Этиҥ түһэр кэмигэр Эдьигээҥҥэ, Эбээн-Бытантайга, Дьааҥыга, Томпоҕо тыала 15–20 м/с буолуоҕа.