Бүгүн, от ыйын 10 күнүгэр, математика-профильнай БКЭ туттарар күн. Мэҥэ Хаҥалас улууһугар 124 киһи бу эксээмэни туттарар баҕалааҕын биллэрбит. Билигин улууска 8 пуун арыллан, тургутууну ааһыы бара турар, СИА суруйар.
Саха сиригэр биир кэлим эксээмэни сүрүн туттарыы от ыйын 3 күнүттэн саҕаламмыта. Бастакы күн география, литература уонна информатика. От ыйын 6 уонна 7 июля күннэригэр — нуучча тыла.
Мэҥэ Хаҥаластааҕы үөрэх управлениетын отделын салайааччыта Александра Луковцева иһитиннэрбитинэн, быйыл улууска 8 пуун үлэлиир, ол иһигэр 3-һэ суола-ииһэ суох ыраах нэһилиэктэргэ. БКЭ-ни барыта 252 киһи туттарар, ол иһигэр 228 – бу сыллааҕы выпускниктар, 19 – атын улуустар уонна Дьокуускай куорат, 5 — ааспыт сыллааҕы оскуоланы бүтэрбиттэр.
Бүгүн улууска математика эксээмэнин туттарыыга 124 киһи баҕалааҕын биллэрбит. В.П.Ларионов аатынан Майатааҕы оскуолаҕа саамай элбэх киһи туттарар.
Эксээмэн кэмигэр, пандемиянан сибээстээн ылыллыбыт, Роспотребнадзор ирдэбиллэрэ барыта тутуһуллар.