1 Атырдьах ыйа 01.08
  • 16°
  • $ 80,32
  • 91,88

Бүгүн этиҥ, быстах ардах, +32 куйаас түһүөҕэ

07:58, 31 июля
Текст:
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Бүгүн, от ыйын 31 күнүгэр, Горнайга, Хаҥаласка, Алдаҥҥа, Нерюнгрига, Өлүөхүмэҕэ, Кэбээйигэ, Эбээн-Бытантайга, Дьааҥыга, Томпоҕо, Өймөкөөҥҥө, Муомаҕа уонна Абыйга миэстэлэринэн этиҥ, этиҥ кэмигэр тыал түргэнэ 15–20 м/с. Ол туһунан УГМС иһитиннэрэр.

Киин, соҕуруу уонна хотугулуу-илин оройуоннарга быстах ардах, миэстэлэринэн этиҥ, тыал күүһүрэр кэмигэр 15–20 м/с. Саха сирин арҕаа өттүгэр уонна Халымаҕа сөҥүүтэ суох.

Температура түүн +12… +17 °С, арҕаа аллара өттүгэр уонна илин +4… +9 °С. Күнүс +19… +24 °С, ардах кэмигэр соҕуруу +13… +18 °С, Халыма-Индигир оройуоннарыгар +27… +32 °С.

Дьокуускайга сарсыарда кыра ардах, тыал илинтэн 3–8 м/с. Түүнүн +13… +15 °С, күнүс +20… +22 °С.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА