21 Сэтинньи 21.11
  • -27°
  • $ 100,22
  • 105,81

Бүгүн Дед Мороз төрөөбүт күнэ

16:09, 18 ноября
Текст:
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Россияҕа сэтинньи 18 күнүгэр Дед Мороз төрөөбүт күнүн бэлиэтииллэр. Великай Устюгка, кини төрөөбүт сиригэр, үгэс быһыытынан улахан бырааһынньык тэриллэр.

Персонаж славянскай мифологияттан кэлбит. Өс хоһоонноругар, остуоруйаларга кэпсэнэр. Тымныыны аҕалар маҥан бытыктаах оҕонньор дэнэр. Студенец, Трескунец диэн өссө ааттыыллар. Литератураҕа аан бастаан Владимир Одоевскай «Мороз Иванович» диэн остуоруйатыгар ааттанар.

Ити кэмнэргэ Мороз Ороһооспону да, Саҥа дьылы да кытта сибээһэ суоҕа. Кэлин 19 үйэҕэ этиллибит бырааһынньыктарга атылыы тутуллар буолбута. Өрөбөлүүссүйэ кэнниттэн Мороз оҕонньору эмиэ умна быһыытыйбыттара, религиознай бырааһынньыктары утарыы кэмигэр.

Дед Мороз оҕолорго 1937 сыллаахха Союз Дьиэтин ёлкатыгар төннөрүллүбүтэ. Саҥа көлүөнэ кинини сөбүлээбитэ. 1999 сыллаахха Великай Устюг Дед Мороз дойдутунан ааттаммыта.

Хаартыска: «Российская газета»

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар