Владимир Путин бүддьүөт үлэһиттэрин хамнастарын, биэнсийэни уонна стипендияны “Мир” картаҕа булгуччулаах көһөрүү туһунан сокуоҥҥа илии баттаата. Ол эбэтэр судаарыстыбаннай, муниципальнай сулууспа үлэһиттэрэ хамнастарын, биэнсийэлээхтэр биэнсийэлэрин, устудьуоннар стипендияларын “Мир” карта нөҥүө ылар буолуохтара.
“Мир” карта – тас дойдулар экэниэмикэлэриттэн, бэлиитикэлэриттэн тутулуга суох, национальнай төлүүр систиэмэ бородууктата буолар. Бастакы пластиковай карталары 2015 сыл ахсынньытыгар таһаарбыттара. Аатын уонна логотибын куонкурус биллэрэн, бүттүүн куоластаан быһаарбыттара.
Дойду бары сүрүн бааннара “Мир” карталары туһаныыга таһаардылар. Холобур, Сбербааҥҥа электроннай чибынан көмүскэллээх, мобильнай бааннаах карта баар. Бу картаны туһанарга сылга 750 солк. төлүүгүн (эһиилиттэн 450 солк. буолар). Сбербаан “Спасибо” бырагырааматыгар киирсэр, ол аата атыыласпыт суумаҕыттан 0,5%-на, партнердартан (холобур, Sela, “Роснефть”) 10%-на бэйэҕэр төннөр. Оттон биэнсийэлээхтэр картаны босхо туһаныахтара.
2017 сыл от ыйын 1 күнүттэн баҕалаах дьоҥҥо барыларыгар биэрэн саҕалыахтара. 2018 сыл от ыйыгар диэри бүддьүөт үлэһиттэрэ бары ылан бүтүөхтээхтэр.
Сокуон сылга 40 мөл. солкуобайтан тахса дохуоттаах атыыһыттары “Мир” картаҕа бу сыл алтынньытыгар диэри көһөллөрүн эбээһинэстээтэ.
Оҥорбут дьон эрэннэрэллэринэн, карта аан дойдутааҕы стандарка эппиэттиир уонна көмүскэллээх. Тас дойдуларга эмиэ туһаныахха сөп. Урут бааннар Visa уонна MasterCard платформаларга туһаныы иһин харчы төлүүр буоллахтарына, билигин ол харчы дойду экэниэмикэтигэр хаалар.
Бааннар быйыл от ыйыгар диэри банкоматтара, терминаллара “Мир” картаны ылалларын хааччыйыахтаахтар.