22 Сэтинньи 22.11
  • -33°
  • $ 100,68
  • 106,08

«Азия оҕолорун» выпускниктара эдэр тустууктарга маастар-кылаас ыыттылар

11:27, 28 июня
Текст:
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Азия оҕолорун» III оонньууларын кыттыылааҕа, Европа 2020 сыллааҕы чемпиона Александр Богомоев уонна «Азия оҕолорун» IV оонньууларын чемпионката, Рио-де-Жанейротааҕы Олимпиада боруонса призера Сакши Малик Саха сирин улуустарын эдэр спортсменнарыгар көҥүл тустууга маастар-кылаас ыыттылар.

Биллиилээх спортсменнары кытта Саха сириттэн 70 оҕо, тренердэр уонна Казахстан сүүмэрдэммит хамаандата көрүстүлэр. «Оҕолорго, бастатан туран, өрөспүүбүлүкэҕэ олимпийскай чемпионнар бааллара мотивация буолар. Өссө биирдэ этэбин, Саха сиригэр спортивнай күрэхтэһиилэр үрдүк таһымҥа ыытыллаллар, «Азия оҕолоро» да буоллуннар, атын чемпионаттар да буоллуннар. Мин Саха сиригэр элбэхтэ сырыттым», — диэтэ Александр Богомоев.

Сакши Малик бэлиэтээбитинэн, көҥүл тустуу спорт ыарахан көрүҥэр киирсэр, онон оҕолору өйөөһүн хайаан да наада. «Мин Саха сиригэр эргиллэн кэлбиппиттэн наһаа үөрэбин уонна дьоллоохпун, мин миссиям – оҕолору мотивациялааһын, спорт кинилэргэ олус суолталаах. Тустууга дьахтар аҕыйах, ол гынан баран мин Олимпиадаҕа кыайыым кэнниттэн, ийэлэр кыргыттарын тустуу секциятыгар сырыттыннарар буоллулар. Оонньуулар тэрийэр кэмитиэттэригэр махтанабын, кыттааччыларга кыайыыны уонна ситиһиини баҕарабын!» — диэтэ кини.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА