«Азия оҕолоро» VII-с Норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай Оонньуу Улан-Баторга ыытыллыыта уонна өрүттэр сибээстэрин сайдыыта Ил Дархан Егор Борисов Монголия делегациятын кытта от ыйын 7 күнүгэр көрсүһүүтүгэр сүрүн кэпсэтиинэн буола. Монголия бөлөҕүн доруобуйа уонна спорт миниистирэ Самбу Ламбаа салайар.
«Биһиги эһиги кэлбиккитигэр махтанабыт. Монголия хамаандата «Азия оҕолоро» Оонньуу саҕаланыаҕыттан кыттар. Тэрийэр кэмитиэт быһаарыытынан кэлэр Оонньуу эһиэхэ буолар. Бу Саха сиригэр сайдан тахсыбыт улахан спортивнай форум ситиһиитэ. Оонньуу эһиэхэ үрдүк таһымҥа ыытыллыа диэн эрэнэбит», — диэтэ Егор Борисов кэпсэтии саҕаланыытыгар.
Аҕа баһылык Саха сирин социальнай-экономическай балаһыанньатын, общественнай-политическай олоҕун кэпсээтэ. Биллэн турар, сүрүн тиэмэнэн спорт буолла. От ыйын 6 күнүгэр Россия премьер-миниистирэ Дмитрий Медведев кыттыылаах боломуочуйалары тыырсыы дуогабарыгар илии баттаммыта. Онно олоҕуран, VII-с «Азия оҕолоро» Оонньуу Монголия киин куоратыгар Улан-Баторга буолара быһаарылынна.
«Мин Дьокуускайга аан бастаан кэлэбин. Олус биһирии көрдүм барытын, ол иһигэр Оонньуу тэрээһинин. Биһиги дойдубут «Азия оҕолоругар» 1996 сылтан кыттар. Бу сырыыга саамай элбэх спортсменнаах хамаанда буолабыт. 200 оҕо. Азия регионугар элбэх улахан спортивнай тэрээһин баар, ол гынан баран «Азия оҕолоро» саамай бастыҥ. Бу күрэхтэһииттэн олук ылан, биһиги бастакы олимпийскай «кыһыл көмүспүтүн» ылбыппыт. Боксер Энхбатын Бадар-Ууган «Азия оҕолорун» 2004 сыллааҕы чемпиона 2008 сыллаахха Пекиҥҥа буолбут Олимпиадаҕа кыһыл көмүс мэтээли ылбыта. Биһиги оҕолорбут Саха сирин туһунан Оонньуунан билэллэр. Бу эһиги визитнай карточкаҕыт», — диэн господин Ламбаа бэлиэтээтэ.
Кэпсэтии чэрчитинэн, экономическай уонна култуурунай сибээс сайдыытыгар боппуруостары дьүүллэстилэр. Ол курдук, Борисов Саха сирин уонна Монголия аттарын утарыта сүүрдүүтүн тэрийэри эттэ. «Биһиэхэ аан дойдуга уратытынан биллэр саха боруода ата баар, Монголия эмиэ сылгыны иитиигэ туспа көрүүлэрдээх. Сэттис Оонньууну көрсө Саха сириттэн Монголияҕа уонна Монголияттан Саха сиригэр аттары утарыта сүүрдүүнү тэрийдэххэ хайдаҕый?» — диэн ыйытта Егор Афанасьевич. Бу этии Монголия бөлөҕүнэн биһирэннэ.
«Биһиги биир хааннаахпыт уонна уопсай төрүттээхпит. Биһигини ааспыт уонна билиҥҥи кэм историятын хараҕынан көрдөххө үгүс ситимниир. Биһиги эһигини кэлэр Оонньууга Монголияҕа ыҥырабыт», — диэтэ делегация салайааччыта.