Дьокуускайга «Азия оҕолоро» спорт оонньууларын урукку сыллардааҕы кыттааччыларын көрсүһүүтэ буолла. Спортсменнар оонньуулар кэннилэриттэн кинилэр олохторо хайдах салаллыбытын кэпсээтилэр, бырайыактар тустарынан сүбэлэстилэр, ол иһигэр «Азия оҕолоро» выпускниктарын түмсүүтүн туһунан.
«Азия оҕолоро» норуоттар ардыларынааҕы кэмитиэт президенэ Владимир Максимов түмсүү сыалынан оонньууларга араас кэмҥэ кыттыбыт дьон оҕо спордун сайдыытыгар сомоҕолоһуулара сүрүн сыал буоларын эттэ.
Түмсүү бэрэссэдээтэлэ Лилия Ахаимова эппитинэн, үлэ саҥа саҕаланна, былаан элбэх. «Билигин түмсүү бара турар, кэлэктиип тэриллэр, манна спорт сайдыытыгар ким баҕарар этии, идея киллэриэн сөп», — диэтэ кини.
Сиһилии https://ysia.ru/v-yakutske-proshla-vstrecha-vypusknikov-mezhdunarodnyh-sportivnyh-igr-deti-azii/