Өрөспүүбүлүкэтээҕи уонна олохтоох бюджеттартан «Азия оҕолоругар» анаан атыыласпыт автобустары Саха сирин 12 оройуонугар биэрдилэр.
Саха сирин бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы э.т. — өрөспүүбүлүкэ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын салайааччы Юрий Куприянов тырааныспар эйгэтин үлэһиттэригэр махтанна.
«Эһиги эппиэтинэстээхтик үлэлээн улахан тэрээһин кэмигэр быыстала суох айаны-сырыыны хааччыйдыгыт. Биһиги ыалдьыттарбыт Олоҥхо дойдутун туһунан саамай үчүгэй, сырдык уонна кэрэ өйдөбүллэри илдьэ бардылар», — диэтэ кини.
Хаҥалас улууһун баһылыгын солбуйааччы Федор Ноговицын кинилэр улуустарыгар бэриллэр автобус инникитин дьону тиэйиэҕин туһунан эттэ: «Биһиги тырааныспар министиэристибэтигэр аҥаардас Оонньууну тэрийии эрэ иһин буолбакка, олохтоохтору саҥа тырааныспарынан хааччыйбыттарын иһин улаханнык махтанабыт. Биһиги улууспут сиригэр-уотугар федеральнай, өрөспүүбүлүкэтээҕи суолталаах суоллар бааллар. Ол да буоллар, автобустары, массыыналары саҥардыы куруук оҥоһуллар буолбатах. Онон, биһиги үөрүүбүт муҥура суох улахан», — диэтэ кини.
Саха сирин тырааныспарга миниистирэ Семен Винокуров суоппардарга Бочуотунай грамоталары, Махтал суруктары үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда. «Бу автобустар салгыы олохтоохтор тустарыгар үлэлиэхтэрэ. Тырааныспар комплексын саҥардыы бырагыраматын чэрчитинэн 17 массыына улуустарга номнуо бэриллибитэ», — диэтэ кини.
«Оҕону тиэйии – улахан эппиэтинэс. Биһигиттэн кини доруобуйата, олоҕо быһаччы тутулуктаах. Оонньуу бүтэн хаалбыта хомолтолоох, ыалдьыттары кытта олус доҕордоспутум», — диэн СИА-ҕа «Ньурбатааҕы АТП» МУП суоппара Ньургун Филиппов эттэ.
«Азия оҕолоро» Оонньууну тырааныспарынан хааччыйыыга 240 автобуһу уонна 207 массыынаны анаабыттара.