22 Сэтинньи 22.11
  • -28°
  • $ 100,68
  • 106,08

«Азия оҕолоро» континены түмэр

Хаартыска: Саха парламент саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

— Азия олимпийскай сойууһугар уопсайа 45 чилиэн баарыттан, билиҥҥи туругунан 25 дойду успуорт 24 көрүҥүгэр кыттарга бэлэмнэрин биллэрдилэр. Кылгас кэмҥэ кыттыбатах Кытай сүүмэрдэммит хамаандата кэлиэҕэ. Бары хамаандалартан  кыттааччы ахсаана 3000 буолуоҕа, ол иһигэр 1,3 тыһ. Арассыыйа эрэгийиэннэриттэн. 1996 сыллаах маҥнайгы оонньуулартан аахтахха, Азия 40 дойдуларыттан барыта 15 тыһ. оҕо кытынна.

Быйыл скалолазание көрүҥэ демонстрационнай бырагыраамаҕа киирдэ. Ону таһынан, олимпийскай бырагыраамаҕа киирбэт көрүҥнэртэн биһиги төрүт  көрүҥнэрбит – сахалыы атах оонньуулара, мас тардыһыыта бааллар. Азия норуоттарын тустуулара – кураш, алыш киирэллэр. Интеллектуальнай көрүҥнэртэн саахымакка уонна Го оонньууга көрсүөхтэрэ.

Оонньууларга кыттарга дойдулар бэйэлэрин көрүүлэринэн сүүмэрдээһини ыыталлар. Биллэрин курдук, Монголия, Казахстаан, Узбекистаан сүүмэрдээһини судаарыыстыбаннай таһымҥа ыытан, күүстээх спортсменнарын кытыннарарга дьулуһаллар. Арассыыйа эрэгийэннэриттэн ордук Сибиирдээҕи уонна Урааллааҕы  федеральнай уокуруктар балачча бэлэмнэннилэр. Саха Сирэ оонньуулары ыытааччы быһыытынан икки хамаанданы туруорар.

Бу ааспыт сылларга  «Азия оҕолоро» оонньууларга кыттыбыт 15 тыһ. оҕоттон элбэхтэрэ Азия чөмпүйүөннэрэ буолбуттара, Олимпиада чөмпүйүөннэрэ да бааллар. Үгүстэрэ кэлин успуорка атын да ситиһиилэрэ элбэх.

Оонньуулар остуоруйаларыттан көрдөххө, 1996 сыллаахха Дьокуускайга саҥа успуорт эбийиэктэрэ тутуллубуттара да, элбэҕэ суох этэ.  Хас Оонньуу ахсын итинник, аан дойду ыстандаартарыгар эппиэттиир успуорт тутуулара эбиллэн испиттэрэ. Быйыл Дьокуускайга элбэх функциялаах саҥа успуорт саалата уонна тириэньэрдэргэ аналлаах саҥа саала тутуллан үлэҕэ киирдилэр.  Успуорт эбийиэктэрэ эрэ буолбакка, суол тутуута кэҥиир, олорор дьиэ тутуута улаатар, куоракка саҥаттан саҥа түөлбэлэр баар буоллулар.

Оонньуулар куттала суох ыытыллалларыгар улахан болҕомто ууруллар. Быйылгы оонньуулар ыытыллыытыгар элбэх киһи кыттар. Аһылыгы хааччыйыы үлэһиттэрэ, суоппардар, тылбаасчыттар анал бэлэми бараллар. Дойду киинигэр тахсар алдьархайдаах түгэннэри учуоттаан туран, куттал суох буолуутун хааччыйыыны саҥаттан уларытан көрүү оҥоһулунна. Тэрийээччилэр баһаартан сэрэхтээх буолуу миэрэлэрин кытаатыннардылар, техническай тэриллэргэ ирдэбиллэри чопчулаатылар. Успуорт эбийиэктэригэр эрэ буолбакка, барытын хабан кэлимник көрүү оҥоһулунна. Видеонан кэтээн көрүү, баһаары сэрэтэр, тыаһатар тэриллэрин саҥардан туруоруу барда. Аккредитациялааһынтан саҕалаан, тус дааннайдары кытта холбоон көрүү тиһигэ үлэлиэҕэ. Ону тэҥэ, информация өртүнэн куттала суох буолууну хааччыйыыга кэлим тэрээһин ыытылла турар. Урбаан хайысхатынан итирдэр утахтары атыылааһыҥҥа сорох хааччахтааһыны киллэрии көрүллэр. Тырааныспар өртүнэн эмиэ туһунан үлэ барар.

19 үлэ хайысхатынан 1900 волонтер эбийиэктэр тастарынан, көрсүү, атаарыы кэмигэр, тырааныспарынан  хааччыйыыга, аккредитациялааһыҥҥа, олохсутуу, аһылык кииннэригэр күннэри-түүннэри тохтоло суох дьуһуурустубаҕа туруохтара. Ону таһынан, арыаллааһыны тэрийиигэ кинилэр улахан көмө буолуохтара. Онно 5000 сайаапка киирдэ.  Оонньуу култуурунай чааһыгар тыһыынчанан оҕо кыттыаҕа.

Оонньуулар кэмнэригэр бэрт элбэх култуурунай, аралдьытар тэрээһиннэр ыытыллыахтара. Оонньуу кыттыылаахтарыгар, спортсменнар Дэриэбинэлэригэр, туспа култуура пааркатыгар уонна куорат олохтоохторугар анаан элбэх былаһаккаларга биллиилээх артыыстар, айар кэлэктииптэр кыттыылаах тэрээһиннэр барыахтара. Быйылгы Туймаада Ыһыаҕа эмиэ  сүдү бырааһынньык быһыытынан норуоттар доҕордоһууларын түһүлгэтинэн буолуоҕа.

«Азия оҕолоро» Оонньуу кэскилэ баараҕай. Бу оонньууларга интэриэс улаатар, кэҥиир. Билигин Арассыыйа Европа чааһынааҕы эрэгийиэннэрэ, атын да дойдулар үөрэтэллэр, кыттарга былааннаналлар.  Онон бу бырайыак Евразияны бүтүннүүтүн хабар кыахтаныаҕа, — диэн Оонньуулар Дьокуускайга үрдүк таһымнаахтык ыытыллыахтара  диэн эрэннэрдэ, суруйда «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы успуорт оонньууларын саайта.

Источник: Саха парламент саайт

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА