Айсен Николаев VIII сайыҥҥы оонньуулар, кыттааччылар санааларынан, үрдүк таһымҥа ыытыллыбыттарын иһитиннэрдэ.
«Азия дойдуларын спорт министиэристибэлэрин салайааччыларыттан элбэх сурук туттум. Маны сэргэ национальнай олимпийскай кэмитиэттэр, дойду салайааччылара үтүө эҕэрдэлэринэн, махталларын этэн суруйдулар. Российскай Федерацияҕа боростуойа суох кэмҥэ Саха сирэ олус үчүгэй оҕо күрэхтэһиитин ыыппытын бэлиэтээтилэр. Бу күрэхтэһиилэр спорт сырдыгын, ырааһын, доҕордоһууну уонна эйэни туоһулууллар. Эрэнэбин, бу бастакы президеммит Михаил Николаев сахпыт идеялара салгыы сайда туруохтара»— диэтэ Ил Дархан.
Кини эппитинэн, билигин кэлэр Оонньуулар ханна ыытыллалларыгар көхтөөх дьүүллэһии буола турар. Киэҥ ыҥырыылаах тэрээһиҥҥэ хас да тас дойду уонна Россия куората киирсиэн сөп.
«Сэтинньигэ түмүктүүр быыбар оҥоһуллар», — диэн чуолкайдаата кини.