22 Сэтинньи 22.11
  • -33°
  • $ 100,68
  • 106,08

"Азия оҕолоро": Харбааһыҥҥа күрэхтэһии саҕаланна

16:01, 28 июня
Текст:
Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
«Чолбон» бассейнҥа харбааһыҥҥа күрэхтэһии саҕаланна. Илин-кэлин түсүһүү бэс ыйын 28 — от ыйын 1 күннэригэр ыытыллаллар. 127 спортсмен тоҕус тас дойдуттан уонна Россия алта регионуттан кыттар. Бастакы күн араас дистанцияҕа сэттэ харбааһын буолар.

Бүгүн мэтээллэри ылыыга уолаттар уонна кыргыттар көҥүл истиилгэ 100, 800 уонна 1500 м, баттерфляй истиилгэ уонна «кроль на спине» истиилгэ 200 м, түөрт спорсмен кыттыылаах хамаанданан эстафетаҕа 100 м күрэхтэһиэхтэрэ.

Саха сирин сүүмэрдэммит хамаандатын тренерэ Антон Касьян эппитинэн, өрөспүүбүлүкэттэн икки хамаанда кыттар. Бииригэр сэттэлии уол уонна кыыс, иккиһигэр — түөртүү. Балар бары дисциплиналарга куоталаһыахтара.

«Бириистээх миэстэлэргэ эрэнэбит. Дойду сүүмэрдэммит хамаандатын таһымнаах икки спортсменнаахпыт», — диэтэ тренер.

Күрэхтэһии күн аайы 10:00 — 12:00 чааска буолуоҕа. Кыттааччылар толорууларын онлайн көрүөххэ сөп «Азия оҕолоро» кэмитиэт саайтыгар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА