23 Сэтинньи 23.11
  • -24°
  • $ 102,58
  • 107,43

Автономия бастакы өйдөбүнньүгэ: Судаарыстыбаннас историятын мусуойугар улахан былыргы кириэс турар

10:10, 24 апреля 2017
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха автономиятын бастакы пааматынньыга Нам улууһун Хатырык нэһилиэгэр Судаарыстыбаннас историятын мусуойугар хараллан турар.


Муус устар 22 күнүгэр Саха автономиятын 95 сылын көрсө Өрөспүүбүлүкэ лисиэйин 9-с кылааһын үөрэнээччилэрэ (кылаас салайааччыта Татьяна Бандерова) Нам улууһун Аппаанытыгар, Намҥа, Хатырыкка баар мусуойдарга сырыттылар. Оҕолор автономияны турууласпыт бэлитиическэй деятель Максим Аммосов, Аҕа дойду сэриитин ыар сылларыгар саха дьонун аччыктааһынтан быыһаабыт салайааччы Илья Винокуров чаҕылхай олохторун, хорсун быһыыларын кытта билистилэр.

Экспедицияҕа төрөппүт быһыытынан барса сылдьан, биир дьикти экспонаты сэргии көрдүм. Ол курдук Судаарыстыбаннас историятын мусуойугар улахан былыргы кириэс турар. Кириэс үрдүгэ 2 миэтэрэттэн тахса, балтараа миэтэрэ кэриҥэ үс туорайдаах. Бу өйдөбүнньүк урут өссө үрдүк эбит. Кэлин сууллубутун кэннэ суругун-бичигин биирдэ өйдөөн көрбүттэр. Кириэскэ: «Сей крест сооружен гражданином Намского улуса Тюбятского наслега Егором Исидоровичем Аммосовым, женой его Ольгой Ионовной на память учреждения Якутской автономии 1923 г. 2 июля», — диэн суруллубут.

Ол аата бу өйдөбүнньүгү от ыйын 2 күнүгэр 1923 сыллаахха, САССР тэриллибитэ биир сылыгар анаан, Нам Түбэтин олохтооҕо Егор Исидорович Аммосов уонна кини кэргэнэ Ольга Ионовна автономия биир сылыгар анаан туруорбуттар. Экскурсияны ыыппыт Станислав Александрович этэринэн, Егор Исидорович Максим Аммосовка сыһыана суох киһи эбит. Аймаҕа буолбатах. Оттон Ил Түмэн сайтыгар кини араспаанньатын Егоров диэбиттэр.http://iltumen.ru/museum/museum1.php

Ол аата оччотооҕу дьон автономиябыт дириҥ суолтатын, саха норуотугар аҕалбыт уонна аҕалыахтаах кэнэҕэски үтүөтүн ырылхайдык өйдүүр, билэр эбит. Судаарыстыбаннас историятын мусуойугар баар бу кириэһи Саха автономиятын бастакы пааматынньыга диэн ааттыахпытын сөп.

Историк идэлээх Станислав Александрович баҕа санаатын кытта сөпсөһөбүн. Саха сирин историятын уруок (биридимиэт) быһыытынан үүнэр көлүөнэҕэ үөрэтэрбит эбитэ буоллар. Билигин оскуолаҕа итини уруок быһыытынан Арассыыйа историятыттан чаас ордон эрэ хааллаҕына бэриллэр кыахтаах.

Манна даҕатан эттэххэ, мусуойга совнарком, миниистирдэр сэбиэттэрин, бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэллэрин мэтириэттэрэ кэккэлээбиттэр. Ол эрэн өрөспүүбүлүкэни салайбыт партийнай салайааччылар (РКП (б), ВКП (б) обкомун сэкирэтээрдэрэ, ССКП рескомун (обкомун) сэкирээтэрдэрэ) ааттара ханна да ааттамматах. Ол иһин Чиряев Гаврил Иосифович, Прокопьев Юрий Николаевич уо.д.а. курдук салайааччыларбытыгар аналлаах мэтириэттэр галереялара суох. Илья Егорович Винокуров уонна Борисов Семен Захарович Совнарком бэрэссэдээтэллэрин быһыытынан эрэ киирбиттэр. Онон партийнай деятелллэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин сайдарыгар киллэрбит кылааттарын тумнарбыт эмиэ сатаммат дии саныыбын.

[vc_row][vc_column][vc_message message_box_style=»3d» message_box_color=»grey»]

Ыспыраапка: Өрөспүүбүлүкэтээҕи лисиэй-интэринээт маннык экспедициялары 5-с кылаастан саҕалаан 9-с кылааска диэри тэрийэр. Тэрээһин ааптарынан, экспедиция солбуллубат салайааччытытынан биология учуутала, үөрэҕирии туйгуна, «Учууталлар учууталлара», РФ уопсай үөрэхтээһин бочуоттаах үлэһитэ Анна Егоровна Местникова буолар. Сыл аайы утумнаахтык ыытыллар «Айылҕа ситимэ» диэн экспедиция-айаҥҥа Өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей-интернат үөрэнээччилэрэ төрөөбүт Саха сирин кэрэ айылҕатын, историятын, чулуу дьоннорун, кинилэр олохторун, биографияларын кытта ыкса билсэллэр, араас мусуойдарга сылдьан билиилэрин хаҥаталлар. Маннык экспедициялары, көрсүһүүлэри, тэрээһиннэри  төрөппүттэр уонна учууталлар тэрийэллэр.

[/vc_message][/vc_column][/vc_row]

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА