«Аврора» авиахампаанньа бэс ыйын 1 — 11 күннэригэр Россия ис хайысхаларынан чэпчэтиилээх билиэт атыытын иккис түһүмэҕин ыытар. Аахсыйа кэмигэр сыана 45%-ҥа диэри түһэр, СИА-ҕа тэрилтэ пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Аахсыйалаах билиэттэр бэс ыйын 1 — алтынньы 29 күннэригэр көтүүгэ көрүллэллэр:
Хабаровск — Оха 4100 солк.
Хабаровск — Ноглики 3000 солк.
Хабаровск — Шахтерск 2500 солк.
Хабаровск — Нерюнгри 3200 солк.
Владивосток — Благовещенск 3600 солк.
Дьокуускай — Благовещенск 5300 солк.
Дьокуускай — Красноярск 5300 солк.
Петропавловск-Камчатскай — Северо-Курильск 3100 солк.
Тарыып «в одну сторону» сурулунна, сбор учуоттанна. Миэстэ ахсаана хааччахтаах.
Расписаниены «Аврора» www.flyaurora.ru саайтыгар уонна агентстволарга билсиҥ. Төлөпүөн: 8-800-250-49-88.