1949 сыл атырдьах ыйын 7 күнүгэр Сунтаар Кириэстээҕиттэн 6 килэмиэтирдээх сиргэ Григорий Файнштейн салалталаах Амакинкатааҕы геологтар экспедициялара Мохсоҕоллоох диэн чэйгэ 20 караттаах маҥнайгы алмааһы булбута. Сезон бүтүөр диэри бу чэйгэ өссө 22 алмаас булуллубута. Саха сиригэр алмаас промышленноһа ити булумньулартан саҕаламмыта.
Атырдьах ыйын 7 диэн Грегориан халандаарыгар сыл 219-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 220-c күнэ). Сыл бүтүө 146 күн баар.
Бэлиэ күннэр:
- Кирибати — Ыччат күнэ. Бу Чуумпу далай ортотугар ыһылла сытар арыыларга уонна атолларга баар өрөспүүбүлүкэ, олохтоохторун ахсаана 2010 сыллааҕы биэрэпиһинэн 103 058 киһи эбит.
- Колумбия — Бояка кыргыһыытын күнэ. 1819 сыллаахха Симон Боливар сэриитэ Испания уонна кини диэки буолбут олохтоох индеецтэр сэриилэрин Бояка өрүс үрдүгэр үлтү сыспыт.
- Кот д’Ивуар — Тутулуга суох буолуу күнэ. Бу Арҕаа Африка дойдута 1960 сыллаахха Францияттан босхоломмут.
Түбэлтэлэр:
- 1682 — Бүөтүр I ыраахтааҕы буолбут.
- 1782 — Санкт-Петербуурга Бүөтүр I саамай биллибит — Пушкин «Медный всадник» диэн ааттаабыт пааматынньыга туруоруллубут.
- 1840 — Англияҕа оҕолор оһох ураатын ыраастыллара бобуллубут.
- 1890 — Дьокуускай куорат кулубатын талбыттар. Николай Брюловскай диэн киһи буолбут.
- 1890 — Бүлүү куоратыгар балыыһа аһыллыбыт.
- 1949 — Бүлүү өрүһүгэр Кириэстээх сэлиэнньэтин аттыгар Мохсоҕоллоох диэн чэйгэ Григорий Файнштейн салалталаах геологтар партиялара 20 караттаах маҥнайгы алмааһы булбута. Сезон бүтүөр диэри бу чэйгэ өссө 22 алмаас булуллубута.
- 1987 — АХШ харбыыһыт дьахтара Линн Кокс бастакынан Беринг силбэһиитигэр баар АХШ Оччугуй Диомид арыытыттан ССРС Улахан Диомид арыытыгар харбаан туораабыт.
- 1996 — Атлаанта (АХШ) куораттан Дьокуускайга Олимпиада уота кэлбит.
- 2008 — Соҕуруу Осетияҕа Арассыыйа уонна Грузия ыккардыларыгар сэрии саҕаламмыт.
Төрөөбүттэр:
- 1904 — Софья Сидорова. 1938—1947 сыллардаахха Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин бэрэстээтэлэ этэ.
- 1949 — Суруналыыстыкаҕа СӨ бириэмийэтин лауреата, култуура үтүөлээх үлэһитэ Надежда Дмитриева төрөөбүт, «Саха» НКИК эрэдээктэрэ.
- 1951 — Виталий Андросов — мелодист, ырыаһыт, быраас.
- 1966 — Дьимми Уэйлс, Бикипиэдьийэ тэрийсээччитэ.
Өлбүттэр:
- 1941 — Рабиндранат Тагор — Ииндийэ аатырбыт бэйиэтэ, ойуулааччыта, драматуура, суруйааччыта, үөрэҕирии үлэhитэ, түмэт реформатора, эргиэн салайааччыта уонна композитора. Кини үлэлэрэ Бенгали литэрэтиирэтин уонна муусукатын XIX үйэ бүтүүтүгэр уонна XX үйэ саҥатыгар сайыннарбыттара. Азия бастакы Нобель лауреата буолар (1913 с. Нобель литэрэтиирэҕэ бириэмийэтин ылбыта).
- 1987 — Сэбиэскэй Сойуус биллиилээх артыыһа Анатолий Папанов өлбүт.
- 2005 — Михаил Евдокимов, биллэр сатирик артыыс, Алтаай кыраайын күбүрүнээтэрэ массыына саахалыгар түбэһэн өлбүт.