Абалаах Мэҥэ-Хаҥалас улууһугар баар термокарст күөл. Суола үрэх тардыытыгар. Күөл бадарааныгар элбэх углекислай уонна двууглекислай суода, сера уонна тимир сорох холбоһуктара баар. Абалаах бадараана атын куруортар эмптээх бадарааннарыттан туох да итэҕэһэ суох диэн чинчийбиттэрэ. 1935 сылтан ыла бадараанын эмптиир сыалга тутталлар. Ревматизмы, навриттары, дьахтар ыарыыларын уонна да атын ыарыылары ситиһиилээхтик эмптииллэр. Билигин Абалаах бадараанын Дьокуускайга баар «Хоту» балыыһаҕа уонна Аллараа Бэстээх балыыһатыгар тутталлар. Коронавирустан эмсэҕэлээбит дьону Абалаах чэбдигирдэр сиригэр чөлүгэр түһэрэллэр.
Аата аба диэн аһыы, сүлүһүн диэн суолталаах тылтан тахсар.
Атырдьах ыйын 5 диэн Грегориан халандаарыгар сыл 217-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 218-c күнэ). Сыл бүтүө 148 күн баар.
Бэлиэ күннэр:
- Ираан — Ислаамҥа киһи быраабын күнэ. Бу күн 1990 сыллаахха Киһи быраабын ислаамҥа декларацията ылыныллыбыт.
- Хорватия — Кыайыы уонна аҕа дойдуга махтал күнэ.
Түбэлтэлэр:
- 1583 — Англия айанньыта Хемфри Гилберт билиҥҥи Канадаҕа баар Ньюфаундленд арыытын Англия королеватын сиринэн биллэрбит уонна онно сэлиэнньэ олохтообут. Бу Хотугу Америкаҕа Англия бастакы колонията буолбут.
- 1932 — Афанасий Богатырев хапытааннаах икки бааржа соһуулаах «Лена» борокуот Тиксии хомоҕо киирбит. Ол саҕана манна ким да олорбот этэ. Борокуот хомо кытылыгар метеостанция тутуохтаах эспэдииссийэни уонна манан ааһыахтаах «Сибиряков» диэн мууһу хайытар борокуокка анаан чох аҕалбыт. Бу тэрээһин барыта Хотугу муора суолун арыйыыга, хоту сирдэр хааччыйыыларын тупсарыыга аналлаах этэ.
- 1935 — Мэҥэ-Хаҥалас улууһугар Абалаах күөлүгэр бадараанынан эмтиир 12 койкалаах курорт аһыллыбыт. Бу курорт биэлсэр Тит Сосин көҕүлээһининэн тэриллибитэ.
- 1948 — Сылгыһыттар Роман Константинов (Чурапчы оройуонун) Фрунзе аатынан холкуос сылгыһыта уонна Афанасий Степанов (Мэҥэ-Хаҥалас) Социалистыы Үлэ дьоруойдара буолбуттар.
- 1956 — Москубаҕа I ССРС норуоттарын спартакиадата саҕаламмыт. Маннык спартакиадалар 4 сыл арыттаан олимпиада буолуон иннинээҕи сыл буолаллар этэ.
- 1966 — Мао Цзэдун Кытайга култуура өрөбөлүүссүйэтин саҕалыыр «Штабтары бомбалыырга!» диэн лозунг биллэрбит. Бу лозуҥу хунвейбин-устудьуоннар («кыһыл гвардеецтэр») уонна цзаофань-оробуочайдар («бууннааччылар») толорбуттар. Кинилэр маҥнай сөбүлээбэтэх салайааччыларын истиэнэ хаһыатыгар сэмэлииллэр эбит, онтон кэлин парткомнары, дьаһалталары штурмалаан ылар буолбуттар.
Төрөөбүттэр:
- 1909 — Ефрем Андреев, РСФСР уонна ЯАССР үтүөлээх бырааһа, мэдиссиинэ билимин хандьыдаата (1964 өлб.).
- 1916 — Александра Велижанина — Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, «Хотугу Сулус» уордьан кавалера.
- 1917 — Степан Макаров (12.06.1969 өлб.) — РСФСР уонна Саха АССР оскуолатын үтүөлээх учуутала, Чурапчы улууhун бастакы Ытык киһитэ (бочуоттаах гражданина), Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа. Олоххо ураты дьулуурун иhин Саха Маресьевынан ааттаммыта.
- 1930 — Нил Армстронг — Ый ньууругар бастакынан үктэммит астронавт.
- 1942 — Анатолий Новиков — саха бөдөҥ учуонайа, бөлүһүөпүйэ билимин дуоктара.
- 1996 — Анжелика Протодьяконова, Саха сиригэр хойуу хаас уруһуйданан 2016 сыллаахха киэҥник биллибит кыыс, инстаблогер, фрик.
Өлбүттэр:
- 1962 — наркотик передозировкатыттан Мэрилин Монро (1926 с.т.) — Америка актрисата, ырыаhыта, моделэ уонна секс-символа.
- 1996 — Эдуард Соколов (Тулусхан) (03.07.1944—05.08.1996) — суруйааччы.