Атамай нэһилиэгин урбаанньыттара ыам ыйын устата, Тимченко фондатын үбүлээһининэн тэриллибит «Среда возможностей» былаһаакка резиденнарыгар, экскурсионнай практика ыыттылар.
Оскуола үөрэнээччилэрэ урбаанньыт Дмитрий Аввакумов автомастерскойугар тиийэн массыына өрөмүөнүн үлэтэ хайдах ыытылларын, онно туох тэрил наадатын билистилэр, интэриэһиргиир боппуруостарын ыйыттылар.
Урбаанньыт Алексей Петров улахан хаһаайыстыбатыгар оҕолор сырыттылар, элбэх үлэттэн-хамнастан тахсар үлэни көрөн-истэн сөҕө махтайдылар.
Урбаанньыт Татьяна Алексеева мини-типографиятыгар сылдьан, хаартыскаҕа түһэрии кистэлэҥнэрин биллилэр, хаартысканы көннөрөн, тупсаран бэчээттээн таһаарарга үөрэннилэр.
Урбаанньыт Филипповтар дьиэ кэргэн пекарняларыгар пицца астаан көрдүлэр, атыы-эргиэн сатабылларыгар сыһыннылар.
Ити курдук, оҕо сайдарын туһугар диэн этиинэн салайтаран, нэһилиэк дьоно-сэргэтэ бука бары түмсэн бииргэ үлэлии-хамсыы олоробут.
Ааптар: Татьяна Павлова, @silatrudagorny