Астанаҕа «Сделано в Якутии» табаары оҥорон таһаарааччылар уонна инновационнай тэрилтэлэр быыстапка-дьаарбаҥкалара саҕаланна. Национальнай киэргэллэр, саха быһахтара, сэлии муоһуттан оҥоһуктар уонна да атын Саха сирин оҥорон таһаарааччыларын үлэлэрэ турдулар.
Быыстапка Казахстааҥҥа Саха сирин күннэрин кэмигэр муус устар 18 — 23 күннэригэр Казмедиа былаһааккатыгар буолар.
«Сделано в Якутии» предпринимателлэр ассоциацияларын бэрэссэдээтэлэ Ольга Григорьева эппитинэн, тэрээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэттэн 17 хампаанньа кыттар, кинилэр бары ураты табаары уонна өҥөнү оҥороллор.
«Биһиги предпринимателлэрбит манна бизнес-миссиялаах кэллилэр. Үгүстэр партнердарын буллулар уонна бииргэ үлэлииргэ хантараактары түһэристилэр. Холобур, «Арктикбио» битэмииннэри уонна БАД-тары оҥорон таһаарар тэрилтэ сотору кэминэн бэйэтин бородууксуйатын Казахсааҥҥа атыыга таһаарар буолла», — диэтэ Ольга Григорьева.
Манна түөрт инновационнай тэрилтэ кыттар. «Хоту тент» массыынаҕа портативнай гаражтары оҥорорунан биллэр хампаанньа Казахстааҥҥа ордук биллэр. Быыстапкаҕа кинилэр тымныыга эбэтэр итиигэ туттуллар балааккалары уонна юрталары көрдөрөр.
«Сделано в Якутии» быыстапка 10:00 — 18:00 чааска үлэлиир.