22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

Ас-үөл сыаната сыл саҕаланыаҕыттан төһө үрдээбитий?

16:59, 14 ноября 2019
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саха сирэ киин сиртэн тэйиччи сытар буолан, суол-иис ороскуота сыанаҕа охсоро чахчы. Дойду киин куораттарыгар холоотоххо өрөспүүбүлүкэ аһын-үөлүн сыаната киһи соһуйуон курдук араастаһар. Статистика дааннайын ылан көрдөххө, ас-үөл сыаната сыл саҕаланыаҕыттан ортотунан 3 % кэриҥэ ыараабыт.


Ол оннугар тоҥ балыгы, горох уонна фасоль чэпчэкигэ атыылаһыахха сөп. Бу ас сыаната 6 %-нан түспүт.

Маны тэҥэ оҕуруот аһын сыаната сайын үрдүк буоллаҕына, дьыл уларыйыытыгар чэпчээтэ. Ол оннугар виноград — 15%, луук — 10%, хортуоппуй — 6 %-нан сыаналара үрдээбитэ бэлиэтэнэр.

Оттон улуустар сыаналарын тэҥнииргэ «сүрүн аһылык алын кээмэйэ» диэн баар. Ол набор иһинэн киһи күннэтэ сиир 33 бородууктатын кэтээн көрөллөр. Ол курдук килиэп, хортуоппуй, фрукта, оҕуруот аһа, эт, сымыыт уонна минньигэс ас сыаната болҕомтоҕо сылдьар.

Өрөспүүбүлүкэҕэ сүрүн аһылык мунньуллубут  кээмэйэ алтынньы ыйга 6 712 солкуобайга тэҥнэспит.

Ити курдук  ас-үөл билиҥҥи орто сыанатын билиһиннэрдибит. Инникитин  биэриилэрбитигэр ас хаачыстыбатыгар тохтоон ааһыахпыт.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар