Мииринэй оройуонун Арыылааҕар 2024 сылга баһаарынай депо тутуута саҕаланыаҕа. Ол туһунан бырабыыталыстыба отчуотун кэмигэр вице-премьер Ольга Балабкина иһитиннэрдэ.
Олохтоохтор маны сэргэ умайбыт ойуур оннугар чөлүгэр түһэрэр үлэлэр барыыларын туруорустулар.
Улахан тыа баһаарын кэнниттэн Малай Ботуобуйа өрүс уолбута, манна халаан уута кэлиэн иннинэ биэрэги бөҕөргөтөр үлэ барарыгар этиннилэр.
Ольга Балабкина оройуоҥҥа идэлээх оробуочайдар тиийбэттэрин олохтоохтор истэриттэн таһаарары эттэ.
Вице-премьер эппитинэн, тохсунньу 1 күнүгэр Мииринэй оройуонун дьарыктаах буолуутун киинин дааннайынан, 742 вакансия арыллыбыт, ол иһигэр 411 оробуочай идэлэргэ. Аҥардас «Местные кадры в промышленность» бырайыагынан ааспыт сылга оройуон 2 643 олохтооҕо үлэ булбут.
Мунньах түмүгэр салайааччы 2023 сылга үлэ оҥорон таһаарыытын үрдэтэри эттэ, регион салалтатын пресс-сулууспата иһмтиннэрдэ.