Арктиканы баһылааһыҥҥа бырайыактарга хотугу тиэйиини-таһыыны үбүлээһин механизмын киллэрэргэ этилиннэ. Ол туһунан «Ассоциация полярников» регионнар ыккардыларынааҕы уопсастыбаннай тэрилтэ чилиэнэ Андрей Иванов иһитиннэрдэ, суруйар ТАСС.
«Хотугу тиэйии-таһыы судаарыстыбанан уонна судаарыстыбаннай хампаанньаларынан үбүлэниэхтээх. Экономика маннык мадьыала баар — ону Арктиканы баһылааһыҥҥа киллэриэххэ наада», — эксперт ТАСС корреспонденын кытта кэпсэтиигэ эттэ.
Иванов этэринэн, хотугу тиэйиини-таһыыны субсидиялааһын — «туһалаах механизм», маны холбуу Арктикаҕа олоҕу уонна үлэни өйүүр атын киэптэр эмиэ сайдыахтаахтар.
«Судаарыстыба кыаҕа элбэх, ол иһигэр госкорпорацияларга тирэнэн. Кылгас кэм иһигэр, ол эбэтэр 5 — 7 сыл иһигэр, киэҥ трансформация ыытан, Хотуну уонна Сибиири, Ураалы инникилээх, кыахтаах территория оҥорорго», — диир эксперт.