Президент Владимир Путин Арктика сайдыытын мунньаҕар экологическай бырайыактар дойду регионнарыгар салҕанан баралларын эттэ.
– Арктикаҕа анаммыт бырагыраамалар, бырайыактар олохтоох экосистеманы харыстааһыны, килиимэт бэбиэскэтин кытта тэҥҥэ тутуллан оҥоһуллаллар. Онон, тустаах территорияларга таһаарыллыбыт хоромньуну туоратыыга үлэ толору иэнинэн салҕанан барыаҕа. Бу экономическай сайдыы уонна Арктика айылҕатын харыстааһын тэҥинэн ыытылларыгар анаммыт научнай-чинчийэр бырагыраамалар буолаллар. Арктика экосистиэмэтэ олус нарын, ону бары билэҕит», — диэтэ мунньахха президент Владимир Путин.
«Чистая Арктика» федеральнайдааҕы бырайыак сэбиэскэй кэм хаалларбыт мөкү көстүүтүттэн быыһаныы буолар. Саҥа сезон дьаһаллара саҕаланнылар. 30 локация бигэргэннэ, Арктика кылгас сайыныгар үлэ былаана оҥоһуллар.
Сиһилии https://ysia.ru/generalnaya-uborka-arktiki-budet-prodolzhena/