22 Сэтинньи 22.11
  • -32°
  • $ 100,68
  • 106,08

«Арктика суоллара» тэрилтэ кыаҕын эбэр

10:01, 20 апреля 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

ОДьКХ ГУТ, Якутскэнерго, Саханефтегазсбыт, Сахаэнерго уонна да атын сакаасчыктар, тиэйээччилэр-таһааччылар бииргэ үлэлээһиннэрин түмүгэр хотугу уонна Арктика эргимтэтин улуустарыгар олоҕу хааччыйар таһаҕас толору тириэрдилиннэ. Бу туһунан СИА иһитиннэрэр.


«Бу сылга биһиги тэрилтэбит былаанын 100% толордо. Яна уонна Индигир кыһыҥҥы суолларын учаастактарыгар уу тахсыыта, сорох улуустарга буурҕа тохтообокко түһүүтэ бэлиэтэммитин үрдүнэн, үлэ тэтимнээхтик барда. Суолу аһаҕас оҥорор туһуттан суукканы эргиччи үлэ эрэһиимин толордубут», диэтэ «Арктика суоллара» КТ генеральнай дириэктэрин солбуйааччыта Николай Попов телебиэриигэ.

Кини эппитинэн, тэрилтэ 6 000 км уһуннаах суолу хоту уонна Арктика эргимтэтигэр көрөр-истэр. Өрөспүүбүлүкэтээҕи суол фондатыттан үбүлээһин тохтообокко барар.

«Үлэ кыаҕын эбэр сыалтан сылын аайы анал техника ылабыт. Былырыын уонна быйыл холбоон 40-тан тахса техника атыыластыбыт. Барыта суол учаастактарыгар тириэрдиллэн, үлэлииллэр»,диэтэ Попов.

Быйыл Эбээн-Бытантайдааҕы суол учаастага арыллыахтаах. Орто Халыма, Муома уонна Дьааҥы оройуоннарыгар суолу оҥоруу, өрөмүөннээһин үлэтэ ыытыллыахтаах. Усуйаана уонна Үөһээ Халыма учаастактара тэрилтэ көрүүтүгэр бэриллиэхтээхтэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА