22 Сэтинньи 22.11
  • -29°
  • $ 100,68
  • 106,08

Арктика олохтоохторугар түргэнник ситэр дьиэ кыылын-көтөрүн тиэрдиигэ ороскуоттары толуйуохтара

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

2022 сылга Арктика оройуоннарыгар түргэнник ситэр дьиэ кыылын-көтөрүн тиэрдиигэ тырааныспар ороскуотун толуйуохтара. Бу сыалга бүддьүөккэ 20 мөл солк. көрүллүбүт. Бу олохтоох тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанааччыларга көтөрү, сибиинньэни уонна уотурбаны Дьокуускайга олохтоммут сыананан ылалларыгар көмөлөһүөҕэ. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ премьерэ Андрей Тарасенко түргэнник ситэр салааны уона көтөрү иитиини сайыннарыыга туһуламмыт сүбэ мунньахха эттэ.

“Үксүгэр тырааныспар ороскуота тиэрдиллэр сибиинньэ, көтөр сыанатынааҕар үрдүк буолар, онон бу дьаһал Арктика олохтоохторугар хаһаайыстыбаларын сайыннаралларыгар уонна дохуоттарын үксэтэллэригэр төһүү буолуоҕа. Бу соруктары биһиэхэ өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев туруорда”, — диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ Андрей Тарасенко.

Билигин өрөспүүбүлүкэбит Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ оройуоннартан сайаапкалары тута олорор. Өрөспүүбүлүкэ поставщик-хааччыйааччылара 60 тыһ. көтөрү уонна 5 тыһыынча сибиинньэни биэрэр кыахтаахтар. Атын эрэгийиэннэртэн эбии ыларга кэпсэтии ыытыллар.

Сорох оройуоннарга тиэрдэн эрэллэр. Ол курдук, Орто Халыма оройуонугар 400 тахса кууруссаны уонна 71 сибиинньэ оҕотун тийэн илтилэр. “Өрөспүүбүлүкэ кииниттэн уустук суоллаах-иистээх сиргэ тиэрдии тыа сирин олохтоохторугар тиэйэн илдьэллэрин чэпчэтэр, бириэмэлэрин бараабаттар. Өрөспүүбүлүкэ уонна оройуон салалталара сөмөлүөтүнэн илдьэргэ быһаарбыттара олус үчүгэй”, — диэн бэлиэтээбитэ Орто Халыматтан тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанааччы Леонид Леута.

Ону сэргэ оройуоннарга универсальнай дьиэ кэргэн пиэрмэлэрин тэрийэр соруктаахтар. Пиэрмэлэр 82 кв.м уонна 200 кв. м иэннээх типовой бырайыактарын оҥорбуттара. СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ “Туймаада” хампаанньаны кытта  балары тутууга субсидиялары биэрии барылларын көрүөҕэ.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата

Дьааҥыга — кэлэр нэдиэлэҕэ

Бу суруллубут тиэмэҕэ тохтоотоххо, Арктика уонна хоту дойду улуустара нэһилиэнньэттэн сибиинньэни, кууруссаны аҕалыыга сайаапкалаабыттара. Холобура, Дьааҥы улууһугар кэлэр нэдиэлэҕэ сибиинньэ оҕолорун илдьиэхтэрэ. Бу улуус олохтоохторо 72 төбөнү ылыахпыт диэбиттэр. Массыынанан тиэйэн Остуолба нэһилиэгэр аҕалыахтара, онтон кэлэн сакаастаабыт дьон ылыахтаахтар. Сибиинньэ оҕолорун кытта сиир уотурбалара эмиэ тиийэр. Барыллаан сакаас быһыытынан дьааҥылар 900 төбө кууруссаны ыларга сайаапкалаабыттар, ыам ыйыгар испииһэктэрин хаттаан чуолкайдыахтара. Уонна сөмөлүөтүнэн тиэрдиллэрэ күүтүллэр.

Хатастааҕы сибиинньэни иитэр комплекстан Дьааҥыттан, Муоматтан, Уус Маайаттан биирдиилээн дьон кэлэн сибиинньэ оҕотун ылбыттар.

Этэргэ дылы, хамсааһын тахсан эрэр.

Бэлэмнээтэ Женни Стрюкова, edersaas.ru

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА