22 Сэтинньи 22.11
  • -30°
  • $ 100,68
  • 106,08

Арктика оҕолоро Дьокуускайга түмсэн Оонньууларын саҕалаатылар (хаартыска)

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

«Арктика оҕолорун Оонньуулара» хотугу норуоттар төрдүс өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһиилэрэ саҕаланна. Спорт национальнай көрүҥнэригэр алта улуустан сүүмэрдэммит хамаандалар мустан, тургутуһан эрэллэр.


«Арктика оҕолорун Оонньуулара спартакиадалартан, Олимпийскай оонньуулартан, онтон да атын күрэхтэһиилэртэн уратылаах. Манна аҕыйах ахсааннаах хотугу төрүт олохтоох норуоттар спортарын көрүҥэ киирэр. Аан дойдуга бэрт сэдэхтик биллэр көрүҥнэр. Кэлэр өттүгэр Оонньуулар норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах буоларыгар эрэллээхпит»,  — диэтэ Ил Түмэн Арктика уонна аҕыйах ахсааннаах норуоттар боппуруостарыгар кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Елена Голомарева.

Күрэхтэһиигэ Анаабыр, Нерюнгри, Өлөөн, Томпо, Эбээн-Бытантай, Кэбээйи улуустарыттан хамаандалар бааллар.

Икки күн устата оҕолор эбэҥки футболугар, туут хайыһарынан сүүрүүгэ, ноори тутуутугар, маамыкта быраҕыытыгар, хотугу тустууга уонна наартаны ойууга күрэхтэһиэхтэрэ.

Кыайыылаахтары кулун тутар 15 күнүгэр бэлиэтиэхтэрэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА