«Арктика оҕолоро» бырагырааманан Арктика эргимтэтигэр олохсуйан олорор оҕолор сынньалаҥҥа баралларыгар путевкаларын 100% уонна айаннарын 50% федеральнай бюджеттан уйунуохтара. Ил Түмэн депутата Елена Голомарева ол туһунан эттэ, СИА-ҕа парламент пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Россияҕа Федерация Сэбиэтигэр Арктика сайдыытыгар стратегиянан РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ, Уһук Илиҥҥэ бэрэсидьиэн боломуочуйалааҕа Юрий Трутнев дакылаат оҥордо. Вице-премьер «Арктика оҕолоро» бырагыраама чэрчитинэн федеральнай бюджеттан сынньалаҥҥа барар оҕолор путевкалара уонна айаннара төлөнөрүн иһитиннэрдэ.
Федерация Сэбиэтин вице-спикера Галина Карелова иһитиннэрбитинэн, эһиил «Арктика оҕолоро» бырайыакка 500 мөл солк федеральнай бюджеттан көрүллүөҕэ. Карелова бэлиэтээбитинэн, маннык судаарыстыбаннай өйөбүл биир кэмнээх эрэ буолбакка, тиһигин быспакка барыахтаах.
Кини «Арктика оҕолоро» бырагырааманы Арктика эргимтэтин сайыннарыыга судаарыстыбаннай бырагыраамаҕа киллэрэн, эбии үбүлээһин оҥоһуллара ордугун эттэ.