«Арктика ипотеката» чэпчэтиилээх кирэдьиит сууматын 6 мөл солк улаатыннарары, бырагырааманы анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар эмиэ тэнитэри эттилэр. Медиктарга ыстааһынан хааччахтааһыны тохтотор туһунан эмиэ этии киллэрдилэр.
Маннык көҕүлээһини сөбүлэһэрин Президент Владимир Путин тустаах кирэдьиити ылааччылары кытта көрсүһүүгэ эттэ.
Президент бэлиэтээбитинэн, Арктиканы баһылааһын — дойду инники күөҥҥэ тутар хайысхата. Регион оборуонаҕа, логистикаҕа уонна энергетикаҕа оруоллаах, суруйда Объясняем.РФ