Төрүт олохтоохтор бырааптарын, айылҕаны харыстааһын, Арктика экономическай уонна инфраструктурнай сайдыылара — бу боппуруостары Дьокуускайга аҕыйах ахсааннаах хотугу норуоттар бэрэстэбиитэллэрэ семинарга кэпсэтэллэр, диэн СИА иһитиннэрэр.
«Арктикаҕа киһи: ыҥырыылар уонна кэскилэ» семинар Дьокуускай куоракка алтынньы 7 — 8 күннэригэр буолар. Экономика, экология уонна төрүт норуоттар культурнай нэһилиэстибэлэрэ сессиялар үлэлииллэр.
«Биһиги Арктика туһунан этэр буоллахпытына, хотугу төрүт норуоттары сабаҕалыыбыт. Биир өттүнэн ыллахха, билигин промышленность сайдар, экологияны харыстыыр кэммитигэр Арктиканы туох күүтэр, иккис курдук, субъект экономиката хайдах уларыйара«, — диэтэ өрөспүүбүлүкэтээҕи тустаах Ассоциация вице-президенэ Вячеслав Шадрин.
Кини этэринэн, билигин төрүт салааларга альтернатива суох, ол иһин бу хайысхалар хайдах баалларынан харыстаныахтаахтар. Ол иһин семинары ыытыы Саха сирин Арктикатын тосхолун бигэргэтиигэ төрүт буолуоҕа.
Семинарга экспердэр кытталлар. РФ Айылҕа ресурсаларыгар уонна экологияҕа министиэристибэ иһинэн үлэлиир уопсастыбаннай сэбиэт чилиэнэ Светлана Липина семинарга кыттар. Кинини сэргэ Швейцарияттан тылы үөрэтэр Женевьева Пирон уонна Конрад Адэнауэр Фондатын Россиятааҕы бэрэстэбиитэлистибэтин салайааччыта Томас Кунце.