Арктика зонатыгар 500- тэн тахса бырайыактар судаарыстыба өйөбүлүэн олоххо киллэриллэллэр, бу бырайыактарга инвестиция уопсай кээмэйэ 1,3 трлн солкуобайы куоһарар. Бу туһунан Арассыыйа Федерациятын Уһук Илин уокуругун уонна Арктиканы сайыннарыыга департаменын дириэктэрэ Сослан Абисалов иһитиннэрдэ, диэн СИА кэпсиир.
«История чахчытын ыллахха, Арктика сир аннынааҕы баай-дуол булар сир быһыытынан сайдыбыта. Онон Арктикаҕа олох хаачыстыбатын үрдэтээри региоҥҥа инвестиция тардыахха наада. Биһиги министиэристибэбит Арктика сайдыытынан үс сыл дьарыктанар. Бу кэмҥэ биһиги сокуону оҥорор базатын тэрийдибит, регион 2025 сылга диэри сайдар стратегиятын оҥордубут, алта федеральнай сокуоннары, 40 нормативнай акталары суруйдубут» -диэн «Арктика — сайдыы сирэ» диэн ааттаах кэмпириэнсийэҕэ Абисалов тыл эттэ.
Уһук Илин уокурук уопутун туһанан, Арктикаҕа саамай кэрэхсэбиллээх экономическай кэмпириэнсийэлэр тиһиктэрэ тэрилиннэ. «Арктика зонатыгар саҥа бырайыактар көрдөрүүлэрэр бастакы 1,5 сылга Уһук Илин уокурук көрдөрүүлэрин 25 % куоһарар. Билигин Арктикаҕа 1,3 трлн солк. тахса бүддьүөттээх 500- тэн тахса бырайыак олоххо киллэриллэ сылдьар», — диэн Абисалов бэлиэтээтэ.
Бу бырайыактары олоххо киирдэхтэринэ, 30 тыһ. тахса үлэ миэстэтэ тахсара күүтүллэр.