Тыа хаһаайыстыбатын баһылыга Дмитрий Патрушев Арассыыйаҕа ис ирдэбили хааччыйар кыахтаах саахар оҥоһуллан тахсар, диэн биллэрбитин туһунан «МИР 24» кэрэспэдьиэнэ суруйар.
Бородуукталарга аһары күүстээх ирдэбил пандемия саҕаланыытыгар буола сылдьыбыта. Дьон ордук гречка уонна туалетнай кумааҕы атыыласпыттара. Бу сырыыга көмүскэ тэҥнээх табаарынан минньигэс буолла. Ол гынан баран, икки сыл анараа өттүгэр курдук паникалыырга туох да төрүөт суох, диэн экспертэр эрэннэрэллэр.
«Аграрнай ырыынак конъектуратын института былааннаах сыыппаралары эттэ. Бу сылга 5,6 мөлүйүөнү туттартан, былаанынан 5,7 мөлүйүөн туоннаны оҥорон таһаарыы», — диэн маркетолог Владимир Козлов кэпсээтэ.
Ол аата, 2021 сыл үүнүүтүттэн Арассыыйаҕа 70 собуоттар нэһилиэнньэҕэ сылга сөп буолар саахары оҥорон таһаарыа.
Саахар кумаҕа – бастакы уочарат наадалаах табаар дар ахсааннарыгар киирэр. Бу табаары дьон бары араҥата ылыан сөптөөх. Ол иһин маҕаһыыннарга бастатан туран атыыга таһаараллар.
Экспертэр этэллэринэн саахарга ирдэбил ыйтан ордуо суоҕа .