22 Сэтинньи 22.11
  • -33°
  • $ 100,68
  • 106,08

Арассыыйа бырабыыталыстыбата тыа хаһаайыстыбатын өйүүргэ эбии 153 млрд солкуобайтан тахса үбү көрдө

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарааччыларын өйөөһүҥҥэ эбии 153 млрд солкуобайы чэпчэтиилээх кирэдьииттээһиҥҥэ биэриэхтэрэ. Бу урут ылыллыбыт 19 тыһ. тахса иэстээх дьоҥҥо субсидия биэриэргэ көмө буолуоҕа, диэн министиэристибэ иһитиннэрдэ.

«Бу дьаһаллар хаһаайыстыбалар салгыы ситиһиилээхтик сайдалларыгар уонна дьону хаачыстыбалаах аһынан хааччыйар соруктары быһаарарга көмөлөһүөхтэрэ», – диэн Михаил Мишустин ыам ыйын 25 күнүгэр бырабыыталыстыба мунньаҕар бэлиэтээтэ.

Көрүллүбүт үп кирэдьиит биэрэр тэрилтэлэр субсидияларыгар барыаҕа, кинилэр агропромышленнай комплекс тэрилтэлэригэр чэпчэтиилээх займнары биэриэхтэрэ. 2022 сылга Арассыыйа баанын тутаах ставката уларыйан, эбии үбүлээһин наада буолбута, эрдэ бэриллибит төлөбүрдэр болдьохторун уһатан биэрбиттэрэ уонна чэпчэтиилээх кирэдьиит биэрбиттэрэ. Бу үбү барытын бырабыыталыстыба резервнэй пуондатыттан биэрдилэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА