Ааспыт нэдиэлэҕэ “Рувики” диэн саҥа онлайн-энциклопедия таҕыста. Энциклопедияҕа саха тылын түһүмэҕин тахсыыта күүтүллэр.
Рувикига саха тылын түһүмэҕэ тахсыытын башкиир биики-көҕүлээччи Рустам Нурыев Башинформҥа бигэргэттэ. Алтаай, башкиир, мари, осетин, саха, татаар, тувин, удмурт тыллаах түһүмэхтэр баар буолалларын туһугар үлэ саҕаланна диэтэ. Интерфейсы башкиир тылыгар номнуо тылбаастаабыттар. Бырайыакка өссө Арассыыйа омуктарыттан 15 тылынан саҥарааччылары кытта кэпсэтии бара турара этилиннэ.
“Рувики” олохтооччута Владимир Медейко бырайыак концепциятын Лента.руга биэрбит интервьютугар кэпсээтэ. Энциклопедия сүрүн соруга — дьон көҥүл билиигэ итэҕэлин үрдэтии. Бу соругу толороору, бырайыакка араас билии эйгэлэриттэн профессиональнай эрэдээктэрдэри уонна эспиэрдэри киллэрэр былааннаахтар.
Сонун источнига: https://www.bashinform.ru/news/social/2023-07-03/v-novoy-otkrytoy-entsiklopedii-ruviki-budet-razdel-na-bashkirskom-yazyke-3324650
Ааптар: Иван Алексеев