Килиимэт уларыйыытыгар уонна ирбэт тоҥу харыстааһыҥҥа анаммыт научнай практическай кэмпириэнсийэ пленарнай мунньаҕар быһа холбонуу ньыматынан Арассыыйа айылҕа ресурсаларын уонна экологиятын миниистирэ Александр Козлов кыттыыны ылла.
Кини этэринэн ирбэт тоҥу кэтээн көрүү уонна чинчийии Арассыыйаҕа сүдү оруоллаах сорук:
— Биһиги дойдубут 65% ирбэт тоҥ үрдүгэр турар, онон Арктикаҕа ирбэт тоҥ ууллуутун чинчийии ити сиргэ олорор 2 мөлүйүөн кэриҥэ гражданнарбыт куттала суох олорууларын хааччыйыахтаах. Арктика сиригэр-уотугар тутуллар инфраструктура саахала суох үлэлиирин хааччыйар туһугар сир ньуурун хамсатар ириини билиэх тустаахпыт, аныгы технологиялары баһылаан туттуохтаахпыт.
Миниистир этэринэн, билигин Арассыыйа үрдүнэн Росгидромет кэтиир ситимин иһинэн саҥа фоновай мониторинг систиэмэтэ таҥылла турар. “2025 сылга диэри бу ситимҥэ 140 кэтээн көрөр пуун киириэхтээх. Киэҥ далааһыннаах сиргэ – Кольскай тумултан, Чукоткаттан Алтай уонна Тыва соҕурууҥҥу кыраныыссаларыгар тиийэ кэтиир пууннар өр сыллаах ирбэт тоҥ туругун быыстала суох кэтиэхтэрэ”.
Источник: «Саха сирэ» сайт