Бэнидиэнньиккэ бигэргэммит булт саҥа быраабылаларынан туһаҕынан булт кэккэ муниципальнай тэрээһиннэргэ букатыннаахтык бобулунна. Маны таһынан эрэгийиэн баһылыктара булду бобор кыахтаннылар. Бу туһунан РФ айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Саҥа быраабылалары РФ айылҕа харыстабылын министиэристибэтэ бэлэмнээбит. Туһаҕынан, тепловизорынан, хараҥаҕа кыҥааһынынан, мэхэниичэскэй сириэстибэлэринэн бултааһыҥҥа сөбүлэҥ ситиһиллибит. Туһаҕынан бултааһын кытаанахтык бэрээдэктэммит. Ити көрүҥүнэн бултааһын бобуллубут муниципальнай тэрээһиннэрин испииһэгин Арассыыйа дьиикэй айылҕатын аан дойдутааҕы пуондата суруйбут.
Маны таһынан эрэгийиэн баһылыктара ити тэриллэринэн бултка, булт болдьоҕор хааччахтары киллэрэр (эбэтэр букатын бобор) кыахтаннылар. Эрэгийиэҥҥэ барытыгар, туһунан бултуур сирдэргэ эмиэ.