22 Сэтинньи 22.11
  • -28°
  • $ 100,68
  • 106,08

Антон Котяков: 170 млрд кэриҥэ солк оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго төлөбүргэ ананыаҕа

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

170 млрд солк кэриҥэ үбүлээһин оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго төлөбүргэ ыытыллыаҕа, бу туһунан ТАСС-ка РФ үлэҕэ миниистирэ Антон Котяков эттэ.


Антон Котяков эппитинэн, 30 млрд солк 2021 сылга кыра дохуоттаах оҕолоноору сылдьар дьахталларга 6 350 солк кээмэйдээх ыйдааҕы босуобуйаны биэриигэ туһуланыаҕа. «Өскөтүн биһиги кыра сроктаах оҕо күүтээччилэр тустарынан этэр буоллахпытына, бу 30 млрд солк. РФ үпкэ министиэристибэтин кытта өссө биирдэ бу боппуруоһу көрүөхпүт, ол кэннэ суоттааһыннары таһаарыахпыт«, — диэтэ кини.

Төрөппүккэ «больничнай» төлөбүрүн саҥа киэбэ, үлэ ыстааһыттан тутулуга суох, 1,5 мөл дьиэ кэргэни хабар, диэтэ миниистир. «Биһиги суоттааһыммытынан, 1,5 мөл төрөппүтү больничнай саҥа киэбэ хабар, өскөтүн кинилэр ыалдьыбыт оҕолорун көрөр-истэр буоллахтарына», — диэтэ кини.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА