Англичанин Никита Греци Магадантан Лондоҥҥа диэри саха атынан айанын 2021 сыл иккис аҥарыгар саҕалыыр былааннаах. Бу туһунан СИА суруйар.
«Айаным былаана — атынан Россия Чуумпу уу байҕалыттан Великобритания Атлантическай акыйааныгар диэри хайысханы тутуһуу. Маршрут уһуна — 15 тыһ килэмиэтир. Мин суоттанарбынан, айан 16 ый устата барар. Икки сыл бэлэмнэнним. Айаным көлөтүнэн икки саха ата буолуоҕа. Бу боруода ураты, ол иһин таллым. Олус тулуурдаах уонна баһырхай тымныыны тулуйумтуо. Маннык похуоду ким да оҥоро илик», — диэтэ Никита Греци.
Эдэр киһи айанын өссө 2020 сылга былааннаабыта. Ити эрээри коронавирус пандемията мэһэйдээбитэ. Англичанин Саха сирин, Иркутскай уобалаһы, Алтайы уонна Россия атын регионнарын таарыйар былааннаах, итиэннэ Эстонияны, Литваны, Латвияны, Польшаны, Германияны, Бельгияны хабыаҕа.
Никита Греци этэринэн, сүрүн сыала — аан дойдуну арыйыы, норуоттар култуураларын уонна үгэстэрин үөрэтии. Соҕотох айанныыр былааннаах. Ити эрээри атын энтузиастар кыттыһыахтарын сөп.