«Саха сириттэн сылдьар буойуттар хорсуннук охсуһаллар. Сэттэ биир дойдулаахпыт Россия Геройа ааты сүктэ. Анал байыаннай дьайыы буола турар сиригэр эбии техниканы, сэп-сэбиргэл тиксэриллэр, биһиги буойуттарбытыгар наадалааҕы. Тирэх пууннар Донецкай уонна Луганскай народнай өрөспүүбүлүкэлэргэ бааллар. Бу биһиги Россия аармыйатыгар көмөнү тэрийэр ураты уопуппут», — диэтэ Айсен Николаев.
Баһылык билигин Саха сиригэр 40-тан тахса регионнааҕы уонна муниципальнайдааҕы көмө миэрэтэ баарын эттэ. Өйөбүл тохтоло суох салҕанан бара турар. Ол иһигэр биир кэмнээх харчынан төлөбүрдэр, сир учаастагын босхо биэрии, уйулҕа исписэлиистэрин, юристар көмөлөрө куруук оҥоһуллар.
Байыаннай сулууспалаахтар оҕолоро үөрэххэ киирэллэригэр өйөбүллээхтэр, уһуйааҥҥа, куруһуоктарга сылдьаллара босхо, оскуолаҕа итии аһынан хааччыллаллар, санаторийдарга-курортарга путевканы ылаллар.