22 Сэтинньи 22.11
  • -31°
  • $ 100,68
  • 106,08

Анаабырдар саҥа дьыллааҕы харыйаларын уотун сандаарыччы уматтылар

Хаартыска: "Анаабыр уоттара" хаһыат телеграм-ханаала
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бүгүн, ахсынньы 1 күнүгэр, Анаабыр улууһугар Саҥа дьыллааҕы харыйа уота умайда. «Алмаас» этно-культурнай киин таһыгар тэрээһин ыытылынна, диэн суруйда «Анаабыр уоттара» хаһыат телеграм-ханаала.

«Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» этно-бэстибээлгэ анаабырдар кыттыстылар. Уһук хоту дойду олохтоохторо кыһын кэлбитин, саҥа 2024 сыл чугаһаабытын бэлиэтиир дьаһалга көхтөөхтүк кытыннылар.

Бэстибээлинэн Мария Попова эҕэрдэлээтэ. Чысхаан уонна кини сиэнэ Хаарчаана үөрүүнү-көтүүнү бэлэхтээтилэр. Хаарчаана ырыатын мустубут дьон тэҥҥэ ылласта.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА