«Россия-Культура» ханаалга балаҕан ыйын 3 күнүгэр 12:40 чаастан «Земля людей. Долганы. Откуда дует ветер» киинэни көрдөрүөхтэрэ. Киинэни бу сыл кулун тутарга Саха сирин Анаабыр оройуонугар устубуттара, диэн Арктика уонна Хотугу норуоттар дьыалаларыгар министиэристибэтэ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Көрөөччүлэри эфиргэ табаһыттар олохторун-дьаһахтарын кытта билиһиннэриэхтэрэ, оттон киинэ геройдара туундараҕа күннээҕи үлэ-хамнас, дьиэ-уот, өй-санаа туһунан кэпсиэхтэрэ.
«Табалар биир сиргэ өр сылдьыбаттар: лабыктаны барытын түргэнник сиэн бүтэрэллэр. Онон нэдиэлэ аайы — сайын өссө элбэхтэ көһө сылдьыахтаахтар», — диэн Саха сирин Минарктикатыгар бэлиэтииллэр.
«Дьон сирэ» бырайыак «Культура» федеральнай ханаалга мэлдьи тахсар. Студия өрөспүүбүлүкэ Мэҥэ-Хаҥалас, Аллайыаха, Үөһээ Бүлүү, Аллараа Халыма, Томпо уонна Хаҥалас оройуоннарыгар сылдьыбыттара.