«Эксперт» хампаанньалар бөлөхтөрө Амма уонна Мэҥэ Хаҥалас улуустарын кыаммат ыаллар оскуолаҕа үөрэнэр оҕолоругар босхо түргэн күүрүүлээх интернет ситимин холбуохтара. Бу туһунан хампаанньа пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
«Хампаанньа коронавирус ыарыыта тарҕаныытынан олохтоммут усулуобуйа былааһы уонна уопсастыбаны долгутарыттан уонна оскуола оҕолоро дьиэттэн олорон үөрэнэр кыахтара олус суолталааҕын өйдөөн, бу хардыыга барда», — диэн «Эксперт» салайааччыта Гаврил Афанасьев эттэ.
Босхо интернетка холбооһун «Эксперт» хампаанньа оптоволоконнай ситимнэрэ тардыллыбыт нэһилиэнньэлээх пууннарыгар киэҥ балаһалаах боруобата суох холбонуу уонна GPON ньыма нөҥүө оҥоһуллара бэлиэтэнэр.
Улуустааҕы үөрэҕирии управлениелара билигин интренет ситимигэр хобонор кыахтара суох кыаммат ыаллар испииһэктэрин бэлэмниир.