«Эпидпорог оройуоҥҥа нуорманы куоһарда. Бэнидиэнньиктэн 319 киһи ыарыйда, ол иһигэр 300 оҕо. Бэҕэһээ хамыыһыйа үлэлээтэ, Амма сэлиэнньэтигэр ОРВИ уонна тумуулаабыт киһи ахсаана элбэх. 1–8 кылаас оҕолоругар харантыын биллэрилиннэ, биир нэдиэлэ, Амма сэлиэнньэтигэр уонна Покровкаҕа. Атын нэһилиэктэргэ харантыын суох», — ЯСИА-ҕа эттэ Айаллаана Романова.
Роспотребнадзор дааннайынан, муус устар 13 күнүгэр өрөспүүбүлүкэҕэ 9115 ОРВИ баара бэлиэтэннэ, ааспыт нэдиэлэни кытта тэҥнээтэххэ, көрдөрүү 15,2% элбэх.
Тумуу вируһа 75,5%, тумуута суох этиология вируһугар – 21,1%, COVID-19 – 1,4%.