Амма улууһугар ахсынньы 11 күнүгэр оройуон баһылыгын талыыга эрдэлээн быыбар буолла. Регион киин быыбар хамыыһыйатын барыллаан иһитиннэриитинэн, быыбарга кыттыы 52,36%. Баһылыгынан Степан Кузьмин, Амма улууһун баһылыгын э.т., талылынна. Кини «Биир ньыгыл Россия» баартыйаттан турар.
Степан Кузьмины Ил Дархан Айсен Николаев эҕэрдэлээтэ. «Кыайыыгынан эҕэрдэлиибин! Степан Николаевич биир дойдулаахтарын эрэллэрин толороругар итэҕэйэбин, Амматын улууһун уонна өрөспүүбүлүкэ сайдыытыгар үлэлиэ диэн эрэллээхпин!» — кини телеграм-ханаалыгар суруйда.
Атын үс кандидакка быыбардааччылар куоластара маннык буолла: Игорь Колесов, «Родина» баартыйа, 1,14%, Алексей Мироновй, «Арчын» тэрилтэ исписэлииһэ, «Российская партия пенсионеров за социальную справедливость» Саха сиринээҕи баартыйата, 3,06%, Артем Тюньков, ЛДПР, 22,13%.