Амма улууһун баһылыгар быыбар барыллаан болдьоҕо билиннэ

Амма улууһун баһылыгын э.т. Степан Кузьмин олохтоохтору кытта быһа эпиир кэмигэр быыбар буолар болдьоҕун эттэ, ЦУР иһитиннэрдэ.

«Алтынньы 5 күнүгэр Николай Архипович 40 хонуга туолар. Быыбар буолар күнүн быһаарыыта ол кэнниттэн ылыллыаҕа. Билигин барыллаан этиинэн, быыбар кэлэр сыл олунньутугар буолуон сөп. Саамай эрдэлээбитэ — ахсынньыга», — диэтэ Степан Кузьмин.

Амма улууһун баһылыга Николай Архиповатырдьах ыйын 27 күнүгэр күн сириттэн  соһумардык күрэммитэ. Кини оройуону 2015 сылтан салайбыта.

This post was published on 20.09.2022 16:01 16:01